1883
Сыллар |
---|
1879 1880 1881 1882 — 1883 — 1884 1885 1886 1887 |
Уоннуу сыллар |
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1883 сыл.
Туох буолбута
уларытМуус устар
уларыт- Муус устар 10 — Исмаил Гаспринскай диэн Кырыым татаардарыттан төрүттээх сырдатааччы уонна бэлиитик түүрдүү тыллаах "Тардьуман" ("Тылбаасчыт") диэн сурунаалы таһаарарга көҥүл ылбыт. Бу сурунаал өр кэмҥэ Арассыыйа импиэрийэтигэр соҕотох түүрдүү тыллаах сурунаал этэ. "Тардьуман" 35 сыл устата тахсан баран 1918 сыл олунньу 23 күнүгэр сабыллыбыта.
Ыам ыйа
уларыт- Ыам ыйын 7 — үс өҥнөөх (маҥан, халлаан күөх, кыһыл) былаах Россия официальнай былааҕынан буолбут.
- Ыам ыйын 20 — Индонезияҕа баар Кракатау вулканын эстиитэ саҕаламмыт, аны үс ыйынан бу вулкан дэлби тэбэн 36 тыһыынчаттан тахса киһини өлөрбүт.
- Ыам ыйын 24 — Нью-Йорк куоратыгар 14 сыл устата тутуллубут Бруклин күргэтин аспыттар.
- Ыам ыйын 27 — Москубаҕа Александр III ыраахтааҕы хоруоналаммыт.
Бэс ыйа
уларыт- Бэс ыйын 8 — Москубаҕа Устуоруйа түмэлэ аһыллыбыт. Дьиэтэ Кыһыл болуоссакка уон сыл тутуллубут.
От ыйа
уларыт- От ыйын 21 — Боотуруускай улууһун кулубата Дьөгүөр Ньукулаайап (Улахан Дьөгүөрдээн) маннык суруйбут: «Сыылынайдар сир оҥоһуутугар саамай табыгастаах сири ылан баран түргэн баҕайытык уоҕун бараан кэбиһэллэр уонна эбии сахалартан ордубут сирдэрин куортамҥа ылаллар […] Инньэ гынан, сыылынайдар сахалары букатын да сирэ суох хааллараллар».
- От ыйын 30 — этнограф, народниктар хамсааһыннарын биллэр-көстөр диэйэтэлэ Николай Виташевскай хаатыргаттан Саха уобалаһыгар көскө аҕалыллыбыт. 1897 с. диэри олорбут.
Алтынньы
уларыт- Алтынньы 4 — Аатырбыт Илиҥҥи экспресс бастакы рейсэ Парижтан Стамбулга айаннаабыт.
- Алтынньы 22 — Нью-Йоркка «Метрополитен Опера» аһыллыбыт — аан дойдуга биир саамай биллиилээх опера тыйаатыра.
Төрөөбүттэр
уларыт- Бэс ыйын 5 — Дьон Мейнард Кейнс, Британия экономиhа
- Алтынньы 30 — Никифоров Дмитрий Михайлович (1883—1965), саха бастакы идэтийбит муосчута.
- Ахсынньы 5 — Михаил Тимофеев-Терешкин (05.12.1883—06.10.1957) — саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, поэт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944), экономист, этнограф.
- Алексеев Егор Николаевич (1883—1957) аатырбыт саха муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
Өлбүттэр
уларыт- Кулун тутар 14 — Карл Хайнрих Маркс (Karl Heinrich Marx) — ньиэмэс устуоруга уонна экэнэмииһэ, хомуньууһум үөрэҕин олохтооччу.
- Сэтинньи 7 — Неустроев Константин Гаврильевич - Урсик, революционер - народоволец, саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ.