Сыллар
1913 1914 1915 191619171918 1919 1920 1921
Уоннуу сыллар
1880-с 1890-с 1900-с1910-с1920-с 1930-с 1940-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1917 сыл.


Түбэлтэлэр

уларыт

Ыйа-күнэ чопчуланыахтаах

уларыт

Тохсунньу

уларыт

Олунньу

уларыт
  • Олунньу 3Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия хааччаҕа суох уу аннынааҕы сэриини саҕалаабытыттан сылтаан АХШ Германиялыын сыһыанын быспыт, сэриигэ кыттыбыт.
  • Олунньу 10Вашингтоҥҥа (АХШ) суфражистар Үрүҥ дьиэ аттыгар кэлин "Чуумпу харабыллар" диэн ааттаммыт пикеты саҕалаабыттар. Мантан инньэ икки аҥаар сылы быһа нэдиэлэҕэ алта күн дьахталлар АХШ бэрэсидьиэнин дьиэтин аттыгар эр дьону кытта тэҥ быраабы ирдиир аахсыйа ыыппыттар. Бу тухары кинилэри хаста да кырбаабыттар, "дьон сылдьарын мэһэйдииллэрин иһин" хаайа сылдьыбыттар, пыткалаабыттар. Пикет 1919 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр, Кэнгириэс АХШ Конституциятыгар дьахталлары бырааптарын тэҥниир 19-с көннөрүүнү ылыммытын кэннэ тохтообута.

Кулун тутар

уларыт
  • Петроградка Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ буолбут:
    • Кулун тутар 6 (урукку ааҕыыннан олунньу 21) күнүгэр килиэп лааппыларын халааһынтан саҕаламмыт. Олунньу 23 (кулун тутар 8) күнүгэр сэриини утары миитиннэр демонстрацияларга кубулуйбуттар, полицияны уонна казаактары кытта бастакы охсуһуулар буолбуттар. Киэһэ буолбут Петроград салалтатын уонна байыаннайдарын мунньаҕар былаас байыаннайдарга, ол аата Петроградтааҕы байыаннай уокурук тойонугар генерал Семен Хабаловка бэриллибит.
  • Кулун тутар 8 — урукку истиилинэн олунньу 23 күнүгэр, саҥа ааҕыынан кулун тутар 8 күнүгэр Петроградка суфражисткалар «Килиэби уонна эйэни!» диэн луоһуннаах демонстрациялара буолбут. Нөҥүө күнүгэр Путиловскай собуот оробуочайдара забастовкалаабыттар, бэлииссийэни кытта харсыылар буолбуттар. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ саҕаламмыт.
    • Кулун тутар 9 (уруккунан олунньу 24) күнүгэр куорат оробуочайдарын (214 тыһ. тахса киһи) забастовката саҕаламмыт. Олунньу 25 (кулун тутар 10) күнүгэр забастовкалаабыт дьон ахсаана 305 тыһ. тахсыбыт, сарсыарда уон чааска демонстраннар холуонналара куорат үөһүгэр халҕаһалаан кэлбиттэр, күргэлэргэ турар заставаларга иҥнибиттэр. Олунньу 26 (кулун тутар 11) Неваны туоруур күргэлэри араартаабыттар, ол эрээри оробуочайдар мууһунан туорууллар эбит. Саллааттарга ботуруон түҥэппиттэр. Павловскай полкатын саппаас батальонун 4-с ротатын саллааттара өрө туран эппиһиэрдэрин уонна полицияны ытыалаабыттар, бу өрө турууну Преображенскай полка хам баттаабыт. Демонстраннары саллааттар ытыалаабыттар. Дуума бэрэстээтэлэ Родзянко Могилев куоракка баар ыраахтааҕыга киин куоракка "анархия бүрүүкээбитин туһунан" ыксаллаах тэлэгирээмэ ыыппыт. Киэһэ миинистирдэр сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ Голицын Госдуума уонна Госсовет үлэлэрин муус устарга диэри тохтоторго уураахтаабыт. Онтон тута ыраахтааҕыттан дууманы ыһар туһунан телефонограмманы Родзянко туппут.
    • Кулун тутар 12 (урукку ааҕыынан олунньу 27) күнүгэр Петроградка сэбилэниилээх өрө туруу саҕаламмыт. Ыһыллыбыт Дуума Быстах кэмнээҕи кэмитиэт тэриммит. Генерал Хабалов 1 тыһ. кэриҥэ киһилээх полковник Кутепов салалталаах холбоһуктаах этэрээтин тэрийэн утарса сатаабыт эрээри, киэһэ утарсыытын тохтоппут. Миниистирдэр сэбиэттэрэ тиһэх мунньаҕар өрө турааччылары уҕарытаары ис дьыала миниистирин уураппыт. Киэһэ Таврическай дыбарыаска Петроградтааҕы оробуочайдар дьокутааттарын Сэбиэтин исполкома талыллыбыт. маны билэн аны былааһы былдьаһыахтара диэн ыкса киэһэ Дуума Быстах кэмнээҕи кэмитиэтэ былааһы бэйэтин илиитигэр ыларын туһунан биллэрбит.
  • Кулун тутар 12Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ: 4-с Дуума Кырдьаҕастарын сүбэтэ Дуума быстах кэмнээҕи сүбэтин тэрийбит, сүбэни Родзянко баһылаабыт.
    • Кулун тутар 13 (олунньу 28) күнүгэр Петроградка буола турар дьалхаан туһунан сонуну Арассыыйаҕа бүттүүнүгэр өрөбөлүүссүйэ хамыһаара Бубликов тимир суол телеграабынан ыыппыт тэлэгирээмэтиттэн билбиттэрэ.
    • Кулун тутар 14 (уруккунан 1) Дуума быстах кэминээҕи кэмитиэтэ Арассыыйа быстах кэминээҕи бырабыыталыстыбатын тэрийбит.
    • Кулун тутар 15 (2) күнүгэр Петроградтааҕы оробуочайдар дьокутааттарын Сэбиэтэ Петрограадтаҕы гарнизон киниэхэ бас бэринэрин уонна Быстах кэмнээҕи кэмитиэт аармыйаны дьаһайбатын туһунан Бастакы нүөмэрдээх бирикээс таһаарбыт. Киин куоракка икки былаас үөскээбит.
    • Кулун тутар 15 (2) күнүгэр киэһэ Псков куоракка баар Николай II ыраахтааҕы бөрүстүөлтэн батынарын, уонна хоруонаны быраатыгар улуу кинээс Михаил Александровичка биэрэрин туһунан биллэрбит. Бу күн Арассыыйаҕа Г. Е. Львов баһылыктаах Быстах кэм бырабыыталыстыбата олохтоммут, былааһы кини ылбыт.
  • Кулун тутар 16 — улуу кинээс Михаил Александрович бүрүстүөлтэн батынан, былааһы Быстах кэм бырабыыталыстыбатыгар туттарбыт.
  • Кулун тутар 16 сыллаахха Арассыыйаҕа Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ буолбутун кэннэ Дьокуускайга Бирикээсчиктэр кулууптара өрөбөлүссүөнньэрдэр "ыстааптара" буолбута. Кулун тутар 3 күнэ буолар түүнүгэр (аныгы ааҕыыннан кулун тутар 16 күнэ) бэлииссийэ ыраахтааҕыга эрэллээх хаалар уонна митиннэри бобор туһунан биллэриилэри ыйаабыта. Ол үрдүнэн бастакы миитин кулун тутар 3 (16) күнүгэр Уопсастыбаннай мунньах саалатыгар буолбута, 500-чэ киһи кыттыбыта. Ол миитин кэнниттэн Бирикээсчиктэр кулууптарыгар испэктээк буола турдаҕына миитин дэлэгээтэ Е. Ярославскай кэлбитэ уонна онно мустубут дьон ортотугар куорат баһылыга П. А. Юшмановка былааһы норуокка биэрэрин модьуйбута.
    • Кулун тутар 21 (8) күнүгэр Царскай селоҕа императрицаны дьиэ хаайыытыгар олордубуттар, сарсыныгар урукку ыраахтааҕы "полковник Романов" эмиэ Царскай селоҕа кэлбит.
  • кулун тутар 16 (3) күнэ буолар түүнүгэр Дьокуускай полицията ыраахтааҕыга эрэллээх хаалар уонна миитиннэри бобор туһунан биллэриилэри ыйаабыта. Ол үрдүнэн бастакы миитин кулун тутар 16 (уруккуннан кулун тутар 3) күнүгэр Уопсастыбаннай мунньах саалатыгар буолбута, 500-чэ киһи кыттыбыта. Ол миитин кэнниттэн Бирикээсчиктэр кулууптарыгар испэктээк буола турдаҕына миитин дэлэгээтэ Е. Ярославскай кэлбитэ уонна онно мустубут дьон ортотугар куорат баһылыга П. А. Юшмановка былааһы норуокка биэрэрин модьуйбута.
  • Кулун тутар 17 (урукуннан кулун тутар 4) күнэ буолар түүнүгэр мустан бастакы өрөпкүөм (өрөбөлүүссүйэ кэмитиэтэ) нелегальнай мунньаҕын ыыппыттара. Онно мустубут бассабыыктар, меньшевиктэр уонна эсердэр куорат гарнизонун саллааттарын бэйэлэрин өттүлэригэр тардар, сэрии сэбин булунар туһунан, телеграф дьиэтин ылар туһунан эҥин быһаарсыбыттара. Ону таһынан Куттал суох буолуутун кэмитиэтин (ЯКОБ) тэрийэргэ быһаарбыттара.

Өрөбөлүүссүйэ оҥорооччулар чааһынай лааппылартан конфискациялаан ылбыт сэриилэрин сэбин Бирикээсчиктэр кулууптарыгар түмпүттэрэ, гражданскай милиисийэ этэрээтин хомуйан барбыттара. Бу этэрээт саалаах-саадахтаах Куорат Быраабатын дьиэтигэр тиийэн Куорат Дууматын былааһы кэмитиэккэ биэрэргэ күһэйбиттэрэ. Кулун тутар 4 (17) күнүгэр норуот мунньаҕын ыҥырбыттара, ол мунньахха Дьокуускайдааҕы Куттал суох буолуутун кэмитиэтин (нууч. Якутский комитет общественной безопасности, кылгатан ЯКОБ) чилиэннэрин талбыттара. Онтон уобалас вице-күбүрүнээтэритэн (күбүрүнээтэр Р.Э. фон Витте астаапкаҕа барбыт кэмэ этэ) барон Тизенгаузентан былааһы биэрэригэр модьубуйуттара. Вице-күбүрүнээтэр уонна полицмейстер Рубцов Петрограадтан дьаһал суоҕунан матыыптаан батыммыттара. ЯКОБ-тар Петроградка Керенскай аатыгар былааһы кинилэргэ биэрэр туһунан ис хоһоонноох тэлэгирээмэ ыыппыттара.

  • Кулун тутар 18
    • Николай II ыраахтааҕыны хаайбыттар.
    • Николай II уонна Улуу кинээс Михаил Александрович бөрүстүөлтэн батыналларын туһунан докумуоннара бэччээккэ тахсыбыт.
    • Оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын бүтүн Арассыыйатааҕы мунньахтара саҕаламмыт.
    • Арассыыйаҕа бассабыыктар бобуулаах «Правда» хаһыаттара сөргүтүллүбүт.
  • Кулун тутар 18Бүлүү уокуругар КОБ (уопсастыбаны кутталтан көмүскүүр кэмитиэт) тэриллибит.
  • Кулун тутар 18 (уруккунан кулун тутар 5) күнүгэр Бирикээсчиктэр кулууптарыгар вице-күбүрүнээтэр Д. Тизенгаузен былааһы туттарарын туһунан биллэрбитэ. Саллааттарын илдьэ кэлбит куорат гарнизонун начаалынньыга подполковник Н.Д. Попов ЯКОБ-у өйүүр туһунан этиммитэ.
  • Кулун тутар 21 (уруккунан кулун тутар 8) — Хара үлэһиттэр сойуустара тэриллибит.
  • Кулун тутар 23 (кулун тутар 10) — Ярославскайдаах Петровскай көҕүлээһиннэринэн Дьокуускай хаайыытыттан 200-чэ холуобунай буруйдаахтары босхолообуттар. Бу дьону Дьокуускай аттыгар Мархаҕа "Тыа хаһаайыстыбатын оробуочайдарын сойууһа" диэн ааттаан олохсуппуттара.
  • Кулун тутар 30 — Арассыыйа Быстах кэмин быраабыыталыстыбата Польша тутулуга суох буолар бырааптааҕын билиммит.

Муус устар

уларыт
  • Муус устар 7 (эргэ ааҕыынан Кулун тутар 25) — Дьокуускай уокуругун учууталларын сийиэһэ буолбут.
  • Муус устар 7 — Арассыыйа Быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыбата судаарыстыба мантан инньэ бурдугу бэйэтэ эрэ атыылырын туһунан биллэрбит (хлебная монополия).
  • Муус устар 8 (эргэ кулун тутар 26 — Дьокуускай, Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уокуруктарын көҥүл сахаларын уонна нуучча бааһынайдарын холбоһуктаах сийиэстэрэ саҕаламмыт. Сийиэс 22 күн үлэлээбит, муус устар 29 (эргэннэн муус устар 16) күнүгэр диэри буолбут.
  • Муус устар 10 — Ииндийэҕэ юрист уонна түмэтчи 47 саастаах Мохандас Ганди Британия импиэрийэтин утары бастакы сатьяграха диэн хампаанньатын саҕалаабыт (санскриттан «сатья» — «кырдьык», «аграха» — «кытаанах»). Чампаран уокурукка холуонньа былаастара бааһынайдары бурдук оннугар индиго уонна атын атыыга барар үүнээйилэри ыһарга күһэйэллэр этэ, маны утарбыта. Түмүгэр хаайыллыбыта. Тыһыынчанан дьон кинини босхолуурга ирдээбиттэрэ, Махатма (Улуу Кут) диэн ааттаабыттара, хас да хонон баран полиция Гандины босхорууга күһэллибитэ.
  • Муус устар 16 — Швейцарияҕа олорбут Владимир Ленин Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Арассыыйаны кытта сэриилэһэ сылдьар Германияны нөҥүөлээн Петроградка кэлбит. Бу кэлэн иһэн "муус устардааҕы тезистэр" диэн ааттаммыт бассабыыктар программаларын суруйбут. Кэлээт Финляндскай вокзаалга тыл эппит, Быстах кэм бырабыыталыстыбатын, Петроград сэбиэтигэр баһылаан олорор меньшевик-хомуньуустары уонна эсердэри кириитикэлээбит, Германияны уонна кини союзниктарын кытта сэриини тохтоторго ыҥырбыт.
  • Муус устар 21 (9) — саха интэлигиэнсийэтин "Көҥүл" сойууһа тэриллибит. Манна бастыҥ оруолу В.В. Никифоров, Г.В. Ксенофонтов, Р.И. Оросин, Д.И. Слепцов, К.О. Гаврилов, Н.Д. Леонтьев, М.К Артемьев оонньообуттара. Бу Сойуус Саха сиригэр земствоны киллэрэр соруктааҕа. Оттон земство Саха сиригэр национальнай-территориальнай автомномияны бигэргэтиигэ бастакы үктэл быһыытынан көрүллэрэ.
  • Муус устар 25 — (ыам ыйын 8 күнүгэр дуу саҥа истиилинэн?) Ас-үөл кэмитиэтин бастакы мунньаҕа буолбут. Бэрэстээтэлинэн меньшевик В. Д. Виленскэй, солбуйааччытынан эсер В. Н. Соловьев талыллыбыттар.

Ыам ыйа

уларыт
  • Ыам ыйын 1 — Арассыыйаҕа аан бастаан 1 маай бырааһынньыга көҥүллүк бэлиэтэммит.
  • Ыам ыйын 9 — Арассыыйа Быстах кэминээҕи бырабыыталыстыбата бэчээт цензуратын букатыннаахтык тохтотор туһунан биллэрбит.
  • Ыам ыйын 10 — Дьокуускайга Быстах кэм бырабыыталыстыбатын Уобаластааҕы хамыһаарынан эсер Василий Соловьев талыллыбыт.
  • Ыам ыйын 16 — "Вестник Якутского комитета общественной безопасности" хаһыат бу күн тахсыбыт нүөмэригэр ыам ыйыгар Дьокуускай куоракка 12 идэлээх сойуус баара ыйыллыбыт, онно 1500 кэриҥэ киһи киирэрэ[1].

Бэс ыйа, от ыйа

уларыт
  • Бэс ыйын 3 — Санкт-Петербурга Сэбиэттэр I Сийиэстэрэ буолбут. Манна 1090 дэлэгээт Арассыыйа араас муннуктарыттан кыттыбыта, хомуньуус-меньшевиктэр уонна эсердэр баһыйаллара. Сэрииттэн тахсар туһунан уонна 50-100 миллионеры тутан хаайар туһунан бассабыыктар этиилэрин ылымматахтара. Владимир Ленин бу балысхан хаамыылары салайар баартыйа биһиги бассабыыктар буолабыт диэбитин күлүү-элэк оҥостубуттара.
  • Бэс ыйын 4Пулитцер бастакы бириэмийэлэрэ туттарыллыбыттар.
  • Бэс ыйын 10 — Украина Киин Раадата Универсал «К украинскому народу на Украине и вне Украины сущему» диэн докумуону ылыммыт. Бу докумуон Украина автономиятын олохтообут.
  • Бэс ыйын 27 (аныгынан от ыйын 10) — "Көҥүл" сойуус чилиэннэрэ көскө сылдьар дьону кытта холбоһон "Саха федералистарын үлэһит сойууһа" (нууч. Якутский трудовой союз федералистов) диэн баартыйаны тэрийбиттэр.
  • Бэс ыйын 19Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Улуу Британия хоруола Георг V бэйэтин кэргэттэрин ааттарыттан ньиэмэстии титуллары суох гынарга ыйаах таһаарбыт. Инньэ гынан хоруол династиятын аата Саксен-Кобург-Гота оннугар Виндзор буолбута.
  • Бэс ыйын 16 (аныгы ааҕыынан 29) — "Саха аймах" култуурунай сырдатар уопсастыба тэриллибит.


От ыйа

уларыт
  • От ыйын 10 — Дьокуускайга саха интэлигиэнсийэтин "Көҥүл" сойуус чилиэннэрэ көскө сылдьар дьону кытта холбоһон "Саха федералистарын үлэһит сойууһа" (нууч. Якутский трудовой союз федералистов) диэн баартыйаны тэрийбиттэр.

Алтынньы

уларыт
  • Алтынньы 9 — Дьокуускай уокуругун нэһилиэктэрин дьокутааттарын сийиэһигэр "Саха национальнай кэмитиэтэ" тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн Василий Никифоров, солбуйааччынан Алексей Широких талыллыбыттар. Бу кэмитиэти саха бастакы бырабыыталыстыбатын прообраһын курдук сыаналааһын баар.
  • Алтынньы 13Португалияҕа Фа́тима куоратыгар үс оҕо тылын истэн мустубут 70 000 киһи «Күн дьиктитин» көрбүттэр.
  • Алтынньы 15 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Голландия үҥкүүһүтүн Мата Хари диэн дьахтары үспүйүөннээбитин иһин Франция былаастара ытан өлөрбүттэр.
  • Алтынньы 23 — Петроградка меньшевик Суханов кыбартыыратыгар Бассабыык баартыйатын Киин Кэмитиэтин мунньаҕар Владимир Ленин туруорсуутунан Киин Кэмитиэт күүс өттүнэн былааһы былдьаһар туһунан резолюция таһаарбыт.

Сэтинньи

уларыт
  • Сэтинньи 1 — Үөһээ Дьааҥы хамыһаара Өлөксөй Кулаковскай дойду туругун туһунан дакылаат түһэрбит.
  • Сэтинньи 2 — Бальфур декларацията этиллибит. Улуу Британия тас дьыалаҕа миниистирэ лорд Бальфур сионистар басханнарыгар Лайонел Ротшильдка суругар эппитинэн Улуу Британия бырабыыталыстыбата дьэбириэйдэр Палестинаҕа түөлбэлээн олохсуйалларагар сөбүлэспит. Дьэбириэйдэр Палестинаҕа күргүөмнээх көһүүлэрэ саҕаламмыт.
  • Сэтинньи 7 (эргэ ааҕыынан алтынньы 25) — Арассыыйаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ. Петроградтааҕы Байыаннай-революционнай кэмитиэт "Арассыыйа гражданнарыгар" ыҥырыыта тахсыбыт. Ыҥырыыга Быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыба эстиитэ уонна былаас Байыаннай-революционнай кэмитиэккэ көһүүтэ этиллибит.
  • Сэтинньи 8 (эргэ ааҕыынан алтынньы 26) — Петроградка Аврора крейсер көмөтүнэн Кыһыҥҥы дыбарыаһы штурмалааһын буолбут. Быстах кэмнээҕи бырабыыталыстыба чилиэннэрин хаайбыттар, ол эрэн кинилэри сарсыныгар босхолообуттара.
  • Сэтинньи 8 (эргэ ааҕыынан алтынньы 26) — Сэбиэскэй былаас бастакы дэкириэттэрэ ылыллыбыттар: "Эйэ туһунан" — Аан дойду бастакы сэриитин тохтоторго ыҥырыы, "Сир туһунан" — помещиктар сирдэрин бааһынайдарга биэрии, "Былаас туһунан" — саҥа Сэбиэскэй былаас уорганнарын тэрийии.
  • Сэтинньи 8 (эргэ истиилинэн алтынньы 26) — Сэбиэскэй былаас бырабыыталыстыбата төрүттэммит — Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (Совнарком). Бэрэстээтэл Ленин буолбут, 11 хамыһаар анаммыт (ону таһынан тимир суол хамыһаарын дуоһунаһа ааттаммыт эрээри киһи анамматах, аармыйаны биир хамыһаар буолбакка үс киһилээх кэмитиэт салайар буолбут). Арассыыйаҕа аан бастаан омуктарынан анаан-минээн дьарыктанар уорган баар буолбут — наркомнац (хамыһаарынан Джугашвили-Сталин анаммыт).
  • Сэтинньи 9 (эргэ ааҕыынан алтынньы 27) — Саха сиринээҕи Байыаннай уонна бааһынай дьокутааттарын сэбиэтэ Петроградка большевиктар былааһы ылбыттарын утаран телеграмманан протест ыыппыт.
  • Сэтинньи 10 — Ис дьыала наркома Алексей Рыков «Оробуочай милиция туһунан» уураах таһаарбыт. Бу күн 1962 сылтан Милиисийэ күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр буолбута. 2011 сыллаахха милиисийэ аата "полиция" диэҥҥэ уларыйбытын кэннэ сэтинньи 10 күнүгэр Ис дьыала уорганнарын үлэһитин күнүн быһыытынан бэлиэтэнэр.
  • Сэтинньи 11 (эргэ ааҕыынан алтынньы 29) — Саха сиринээҕи национальнай кэмитиэт, Саха сиринээҕи федералистар трудовой сойуустарын Киин кэмитиэтэ уонна "Саха аймах" культурнай-сырдатар уопсастыба холбоһуктаах мунньахтарыгар Петроградка буолбут судаарыстыбаннай перевороту утарар резолюция ылыныллыбыт.
  • Сэтинньи 13
    • Бакуга былааһы Сэбиэт ылбыт.
    • Керенскай — Краснов аармыйатын бассабыыктар үлтүрүппүттэр.
    • Финляндия бүттүүнүгэр забастовка саҕаламмыт.
  • Сэтинньи 15Сэбиэскэй былаас бастакы докуомуннарыттан биирдэстэрэ, «Арассыыйа норуоттарын бырааптарын декларацията», тахсыбыт. Национальнай бэлиитикэ түөрт сүрүн тосхоллоро этиллибиттэр: 1) Арассыыйа норуоттара тэҥ уонна сувереннай буолуулара; 2) Арассыыйа норуоттара көҥүллүк бэйэлэрин бэйэлэрэ быһаарынар бырааптара, арахсан туспа судаарыстыба даҕаны тэрийэр кыахтара; 3) туох баар омугунан уонна итэҕэлинэн привилегиялары уонна хааччахтааһыннары ууратыы; 4) Арассыыйаҕа олорор кыра омуктар уонна этнографическэй бөлөхтөр көҥүллүк сайдыылара. Бу декларация ылыллыбытын да иһин сотору кэминэн бассабыыктар унитарнай судаарыстыба тутан барбыттара.
    • Эдускунта бэйэтин Финляндия үрдүкү былааһын быһыытынан билиммит, бу Арассыыйаттан тутулуга суох буолууга тиэрдибитэ.
  • Сэтинньи 20 — ЯКОБ (комитет общественной безопасности), эсердар кэмитиэттэрэ, Дьокуускай куорат дуумата, байыаннай уонна бааһынай дьокутааттар сэбиэттэрэ, «Саха национальнай кэмитиэтэ», федералистар сойуустарын киин кэмитиэтэ мунньахтаан Өрөбөлүүссүйэни көмүскүүр кэмитиэти олохтообуттар.
  • Сэтинньи 20 — «Якутский голос» диэн ааттаах хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бу хаһыаты Трудовой союз федералистов Киин кэмитиэтэ таһаарар эбит. Барыта 6 нүөмэр тахсыбыт (бастакы эрэдээктэр Широких А. Д., иккис 1918 сылтан Шадрин М. И. этилэр).
  • Сэтинньи 22Канаадаҕа Национальнай хоккей лиигэтэ (НХЛ) тэриллибит. Маҥнай лиигэҕэ биэс кулууп киирэр эбит — «Монреаль Канадиенс», «Монреаль Марунз», «Торонто Аренас», «Оттава Сенаторз» уонна «Квебек Булдогз».
  • Сэтинньи 23 — Совнарком "Сословиелары уонна гражданскай чыыннары эһии туһунан" дэкириэт таһаарбыт. Арассыыйа гражданнара бары тэҥ бырааптаммыттар.
  • Сэтинньи 28 — Эстония провинциятын мунньаҕа Эстония сувереннай дойду буоларын биллэрбит.

Ахсынньы

уларыт
  • Ахсынньы 20 — Контрреволюцияны уонна саботаһы утары охсуһар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы суһал комиссия (ВЧК) тэриллибит.

Төрөөбүттэр

уларыт
  • Ыам ыйын 29 — АХШ бэрисидьиэнэ Джон Кеннеди. Кини салайар кэмигэр ССРС баһылыга Никита Хрущев Америкаҕа ыалдьыттаабыта, Кариб кириисиһэ диэн ааттаммыт түбэлтэ түмүгэр аан дойду сэриитэ буола сыспыта.
  • От ыйын 8 — Наталья Кинд (1992 өлб.) — «Мир» алмаастаах туруубкатын арыйбыт дьахтар, геология-минералогия билимин хандьыдаата, геолог.

Өлбүттэр

уларыт
  1. Газ. "Вестник Якутского комитета общественной безопасности", №64, 16 мая 1917