Кулун тутар 18

күнэ-дьыла

Кулун тутар 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 77-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 78-c күнэ). Сыл бүтүө 288 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт
  • Аруба  Аруба — Былаах уонна өрөгөй ырыатын күнэ
  • Италия  Италия — COVID-19 сиэртибэлэрин күнэ
  • Миэксикэ  Миэксикэ — Ньиэп экспроприяциятын күнэ. 1938 сыллаахха бэрэсидьиэн Ласаро Карденас ньиэби хостуур хампаанньалар хамнаһы үрдэппэтэхтэриттэн сылтаан баайдарын-дуолларын дойду туһатыгар былдьыырга быһаарбыт.
  • Соҕуруу Осетия  Соҕуруу Осетия — Ередви сэлиэнньэҕэ 1991 сыллаахха буолбут алдьархай сиэртибэлэрин күнэ
  • Туурсуйа  Туурсуйа — Галлиполи кыайыытын күнэ (1915)

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 37 — Калигула импэрээтэр буолбут.
  • 1229 — Крестоносецтар 1187 сыллаахха Салах ад-Дин султан суох гыммыт Иерусалим хоруоллугун сөргүппүттэр.
  • 1241 — Хмельник анныгар (Краков атта) буолбут кыргыһыыга Алтан Ордуу сэриитэ Польша сэриитин урусхаллаабыт. Моҕуоллар салгыы Европаҕа барбыттар.
  • 1325Теночтитлан олохтоммут, кэлин ацтектар импиэрийэлэрин киин куората буолбута.
  • 1831АХШ Үрдүкү суута индеецтэр федеральнай суукка үҥсүү киллэрэр бырааптара суоҕун туһунан быһаарыы ылбыт.
  • 1839Кытай ыраахтааҕыта дойдуга опиуму киллэрэн атыылыыры боппут. Мантан сылтаан Британия Кытайга саба түспүтэ, Бастакы Опиум сэриитэ саҕаламмыта.
  • 1850Саха уобалаһын начаалынньыгынан надворнай советник, уруккута уобалас бырабылыанньатын советнига Иван Фролов анаммыт. 1852 с. тохсунньу 1 күнүгэр диэри дуоһунаска олорбут. Дьокуускайга өлбүт.
  • 1861 — 4 сыллаах бэлэмнэнии кэнниттэн Александр II ыраахтааҕы Арассыыйаҕа крепостной быраабы суох гыммыт.
  • 1867 — Арассыыйа уонна Япония конвенцияҕа илии баттаан, Сахалин арыыны бииргэ көрөр-истэр, салайар буолбуттар. Икки дойду олохтоохторо арыыга олохсуйар быраабы ылбыттара.
  • 1869 — Нуучча химиятын уопсастыбатын мунньаҕар Д. И. Менделеев аатыттан Н. А. Меншуткин элэмиэннэр атомнарын ыйааһыныттан кинилэр свойстволара тутулуктааҕын туһунан биллэриини оҥорбут (кэлин Периодическай систиэмэ табылыыссата диэн аатынан биллибитэ).
  • 1871Парижтааҕы коммуна (кулун тутар 18 — ыам ыйын 28 кк.). Бу күн коммуна олохтонуутун туһунан прокламация бэчээттэммит.
  • 1915Аан дойду бастакы сэриитэ: Галлиполи аттынааҕы кыргыһыыга Британия уонна Франция эскадралара Туурсуйа хонтуруоллуур Дарданелла силбэһиитин ыла сатаабыттар. Мустафа Кемаль (кэлин Ататюрк) хамаандалаах туурактар кыайыылаах хаалбыттар, өстөөх үс линкорун тимирдибиттэр. Билигин бу силбэһии Чанаккале — Чанаак кириэппэһин — силбэһиитэ диэн ааттанар.
  • 1917
    • Николай II ыраахтааҕыны хаайбыттар.
    • Николай II уонна Улуу кинээс Михаил Александрович бөрүстүөлтэн батыналларын туһунан докумуоннара бэччээккэ тахсыбыт.
    • Оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын бүтүн Арассыыйатааҕы мунньахтара саҕаламмыт.
    • Арассыыйаҕа бассабыыктар бобуулаах «Правда» хаһыаттара сөргүтүллүбүт.
  • 1917Бүлүү уокуругар КОБ (уопсастыбаны кутталтан көмүскүүр кэмитиэт) тэриллибит.
  • 1918
    • Совнарком Москубаҕа тахсар "буржуазнай" хаһыаттары сабар уонна эрэдээктэрдэрин уонна таһаарааччыларын суукка биэрэр туһунан уурааҕы таһаарбыт.
    • Антанта дойдулара Арассыыйа уонна Германия ыккардыларыгар түһэрсиллибит Брестээҕи эйэ сөбүлэҥин билиммэттэрин туһунан биллэрбиттэр.
  • 1921 — Ригатааҕы эйэ дуогабарынан Арҕаа Украина уонна Арҕаа Белоруссия Польша бас билиитигэр киирбиттэр.
  • 1921Сухэ-Баатар салалталаах моҕуоллар сэриилэрэ Алтанбулаг куораты кытайдартан босхолообут.
  • 1921Кронштадт мотуруостарын бассабыыктары утары өрө турууларын Тухачевскай сэриилэрэ хам баттаабыттар.
  • 1922Хохочой тоһуура: билиҥҥи Бүлүү улууһугар Хохочой сиригэр кыһыллар 19 киһилээх В. Шатаев хамандыырдаах этэрээттэрэ бастаанньыттар тоһуурдарыгар түбэспитэ.
  • 1922 сыллаахха Г.С. Слепцов (Үөһээ Халыма улууһун кулубата) баһылыктаах үрүҥнэр Хаһаачыйа сэлиэнньэтин ылбыттар. Бу дьон капитан Н.П. Хапилин этэрээтигэр киирсэллэр эбит.
  • 1933 — Саха сириттэн 8 хайыһардьыт Дьокуускайтан Иркутскайга диэри айаннара түмүктэммит. Старт тохсунньу 6 күнүгэр «Динамо» стадионун таһыгар бэриллибитэ. Күҥҥэ ортотунан 45—50 км бараннар, 72 күн устата хайыһардьыттар 3000 км, онтон 56-тын хайыһарынан барбыттара бэлиэтэммит. Москубаттан кэлбит телеграммаҕа «Динамо түмсүү киин сэбиэтэ хоһуун «динамовецтары» туруоруллубут сыалы ситиспиккитинэн эҕэрдэлиир» диэн суруллубут.
  • 1946ССРС-ка сэрии кэнниттэн бастакы биэс сыллаах былаан ылыныллыбыт.
  • 1946Аан дойду Баана аһыллыбыт.
  • 1949НАТО үөскээбит.
  • 1965 — Сэбиэскэй космонавт Алексей Леонов дьонтон аан бастакынан аһаҕас космоска тахсыбыт.
  • 2014 — Арассыыйа уонна Кырыым түмэннэрэ холбоһуу туһуна сөбүлэҥи бигэргэппиттэр.
  • 2016СӨ Төрүт сокуоҥҥа хамыыһыйатын мунньаҕар Ил Дархан Егор Борисов киллэрбит көннөрүүлэрин көрбүттэр уонна өрөспүүбүлүкэ аата саха тылын таба суруйуутун быраабылатыгар сөп түбэһэн "Саха Өрөспүүбүлүкэтэ" диэн суруллуоҕа диэн быһаарбыттар.

Төрөөбүттэр

уларыт
  • 1844Николай Римскай-Корсаков — Арассыыйа биллиилээх композитора. Атын композитордарга улахан дьайыыны оҥорбут киһи.
  • 1923Николай Баишев-I — аатырбыт 1945 сыллааҕы "Верхоянскай—Дьокуускай—Верхоянскай" хайыһар эспэдииссиэйтин чилиэнэ.
  • 1948 — Анастасия Божедонова — СӨ бэрэсидьиэнин Ыал уонна оҕо дьыалаларын Кэмитиэтин салайааччыта буола сылдьыбыт, CӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, социология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

уларыт
  • 1982Иван Шаманов (25.09.1908 төр.) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944). Сэрии иннинээҕи сылларга Саха Сиригэр, Михаил Лорины кытта, лётчик-аэрофотосъёмщик быһыытынан үлэлээбит.
  • 1996Одиссей Элитис, гириэк бэйиэтэ, литэрэтиирэ кириитигэ, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1911 төр.).


  1. День внутренних войск Беларуси — 18 марта. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010