Узбекистаан
Үзбекистаан (узбек. O‘zbekiston), официаллык Үзбек Өрөспүүбүлүкэтэ (O‘zbekiston Respublikasi) диэн Орто Азия дойдута. Кирбиилэhэр Казахстаанныын арҕаа уонна хоту, Кыргыстаанныын уонна Тадьикистаанныын илин, Афганистаанныын уонна Түркменистаанныын соҕуруу.
Үзбекистаан Өрөспүүбүлүкэтэ O‘zbekiston Respublikasi |
||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Өрөгөй ырыата: National Anthem of the Republic of Uzbekistan |
||||||
Киин куората | Ташкент | |||||
Largest city | Tashkent | |||||
Ил тыла | үзбек | |||||
Региональнай тыллар | Каракалпак | |||||
Олохтоохтор ааттара | Үзбекистааннар, үзбектар | |||||
Дьаhалтата | Президент Республиката | |||||
- | Президент | Шавкат Мирзиёев | ||||
- | Премьер-министр | Абдулла Арипов | ||||
Тутулуга суох буолуута | ССРС | |||||
- | Тэриллиитэ | 17471 | ||||
- | Ылыныы | Балаҕан ыйын 1, 1991 | ||||
- | Билинии | Ахсынньы 8, 1991 | ||||
- | Бигэргэтии | Ахсынньы 25], 1991 | ||||
Иэнэ | ||||||
- | Бүтүн | 447 400 km² (56-с) 172 742 sq mi |
||||
- | Уу (%) | 4,9 | ||||
Олохтоохторо | ||||||
- | 2009 estimate | 27 555 300 (44-с) | ||||
- | Олохтоох чиҥэ | 59/km² (136-с) 153/sq mi |
||||
БИО (АКП) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $64.201 billion | ||||
- | Per capita | $2,389 | ||||
БИО (номинал) | 2007 estimate | |||||
- | Total | $22.307 млрд | ||||
- | Per capita | $830 | ||||
Дьини (2000) | 26,8 (low) | |||||
КСИ (2007) | ▲ 0.702 (medium) (113-с) | |||||
Валюта | Сом (UZS ) |
|||||
Кэм зоната | UZT (UTC+5) | |||||
- | Сайыҥҥы кэм | not observed (UTC+5) | ||||
Ил домен | .uz | |||||
Телефон кода | +998 | |||||
1 | Бухараа эмираата, Коканд ханаата, Хорезм. |
Сүрүн тыла — узбек тыла. 12 уобаластан уонна Каракалпакстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн турар. Узбекистааҥҥа 120 куорат, 115 улахан бөһүөлэк баар. Киһитин ахсаана 27,5 мөлүйүөнтэн тахса. Узбектар — 80 %, тадьиктар — 4,9 %, нууччалар — 3,8 %, казахтар — 3,6 %, каракалпактар — 2,2 %, атын араас омуктар — 2,1 %.
Сирэ
уларытСирин иэнэ — 447 тыһ. км². Хотуттан соҕуруу устата — 925 км, арҕааттан илин кэтитэ — 1400 км. Ол эрэн сирин үгүс өттүн улахан туһата суох кумах куйаар, дала уонна хайалаах сирдэр ылаллар. Дьоно сэргэтэ өрүс хочолорун бата олороллор.
Климата
уларытОрто температурата тохсунньуга +4 кыраадыстан −8-ка дылы, от ыйыгар +22 кыраадыстан +42-гэ дылы.
Экономиката
уларытКыһыл көмүс хостонор. Ниэп уонна гаас хаhаастаах. Хлопок үүннэрэн аан дойдуга атыылыыр. Орто Азия үрдүнэн соҕотох көтөр аал тутар собуоттаах. "GM Узбекистан" диэн собуотугар Daewoo уонна Chevrolet мааркалаах массыыналары хомуйан атыыга таһаарар.
Тас политика
уларытУзбекистан аан дойдутааҕы холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрэ (ЮНЕСКО, ВОЗ, ИКАО уо. д. А), Содружество тутулуга суох государстволара (биир государствоттан-төрүт омуктар), бииргэ үлэлээһини тэрийиигэ, ислам бииргэ үлэлээһини тэрийиигэ, түүр судаарыстыбаларын тэрийиигэ, аан дойдутааҕы түүрк култууратын тэрилтэлэригэр, Евразийскай экономическай Союзка уонна аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр кэтээн көрөөччү буолар[1].
1992-1999 уонна 2006-2012 сс. Узбекистан ОДЬКБ чилиэнинэн, 1999-2005 сс. ГУАМ (билигин ГУАМ) чилиэнинэн, оттон 2006-2008 сс. Евразия чилиэнэ буолбута.
Итэҕэлэ
уларыт88% — мусулмааннар, 9% — православнайдар, 3% — араас атын конфессиялар.
Устуоруйата
уларытБылыр Узбекистан сиригэр уотугар Грек-Бактрия, Хорезм, Согд, Парфия, Кангюй, Тохар, Кушан, Саманид, Караханид, Тимурид уо.д.а. иллэр олохсуйа сыльдьыбыттара. Кэлин, Сэбиэскэй былаас олоҕуруор дылы Бухара эмирата, Хива уонна Коканд ханааттара былааһы ылан олорбуттара.
Туризм
уларытУзбекистаҥҥа туризм эйгэтэ экономика сүрүн салааларыттан биирдэстэрэ быһаарылынна. 2019 сылга дойду 6 748 000 омук туристарыгар сырыттыбыт. Узбекистан Правительствота 86 дойду гражданнарыгар безвизовай режими 7, 30, 60- тан тахса хонукка киллэрбитэ[2].
Туһаныллыбыт сирдэр
уларыт- Узбекистан саха хараҕынан. И. Гаврильев. "Хатан" сурунаал, 2009 с., 3(6)№
Быһаарыылар
уларытӨссө маны көр
уларытБу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |