Сыллар
1924 1925 1926 192719281929 1930 1931 1932
Уоннуу сыллар
1890-с 1900-с 1910-с1920-с1930-с 1940-с 1950-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1928 сыл.

Туох буолбута

уларыт

Хаһан буолбута чопчуланыахтаах

уларыт
  • «Тус-Балык» диэн рыбопромышленнай трест тэриллибит.

Тохсунньу

уларыт

Олунньу

уларыт
  • Олунньу 10 — Конфедералистар хамсааһыннарын силиэстийэлии БКП(б) Киин Кэмитиэтин анал хамыыһыйата сыарҕанан Дьокуускайга кэлбит. Хамыыһыйаҕа БКСК бэрэстээтэлин солбуйааччы Ян Полуян, ОГПУ Анал салаатын салайааччыта Сергей Пузицкай, БКП(б)КК бэрэстэбиитэлэ Александр Асаткин уонна ОГПУ силиэдэбэтэллэрэ бааллар эбит. Бу хамыыһыйа кэлбитин кэннэ саха бастыҥ дьонугар ыар күннэр үүммүттэр. Архыып матырыйааллара көрдөрөллөрүнэн, уопсайа 289 киһи сууттаммакка эрэ холуобунай дьыалаҕа эриллибит, олортон 130-та ытыллыбыт, элбэх киһи лааҕырга уонна түрмэ хаайыытыгар ыытыллыбыт. Ытыллыбыт дьон өлүктэрэ сайын өрүскэ дагдайан тахсыбыттара биллэр. Онтон хамыыһыйа салайааччылара Полуян, Пузицкай, Асаткин 1937 сыллаахха бэйэлэрэ репрессияҕэ түбэһэн ытыллыбыттара.

Кулун тутар

уларыт
  • Кулун тутар 16 — олунньуга — кулун тутарга Дьокуускайга БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бүрүөтүн үлэтин бэрэбиэркэлээһиҥҥэ Полуян, Асаткин, Пузицкай сас­таап­таах хамыыһыйа үлэтин тумүктэрин обкуом пленумугар дьүүллэспиттэрэ. Саха сиринээҕи обкуом үлэтин уҥа оп­пор­тунуустуу курдук көрдөрбүт Полуян хамыыһыйатын өрөсүлүүссүйэтин ба­ры­лын ута­ры куоластаабыт Степан Васильев обкуом лииньийэтэ БСК(б)П XII сийиэһин уонна БСК(б)П КК иһинэн IV национальнай сүбэ мунньах быһаарыыларыгар сөп тү­бэ­һэ­рин дакаас­тыы сатаабыта, ону ааһан 1928 сыл бэс ыйыгар хамыыһыйа дакылаатын сүн­ньүнэн альтернативнай хос дакылааты БСК(б)П КК оргбүрүөтүн мунньаҕар оҥор­бута. Ол иһин Я.Полуян хамыыһыйата маассаҕа сабыдыаллааһыннарыттан сэ­рэхэдийэн М. Аммосовы, Ис. Бараховы, С. Васильевы Москубаҕа «төттөрү ыҥыр­та­ран ылар» наадалаах диэн аахпыта.
  • Кулун тутар 26 — ССРС Совнаркома холуонньа-хаайыылары элбэтэр туһунан уураах таһаарбыт.
  • Кулун тутар 27 — Конфедералистар хамсааһыннарын хам баттааһын кэмигэр 24 «бандьыыт» холуобунай дьыалата көрүллүбүт. Ол түмүгэр 20 киһи сууттаммакка эрэ бириигэбэрдэнэн расстрелламмыттар — Павел Ксенофонтов, Михаил Артемьев уонна да атыттар.


Муус устар

уларыт

Ыам ыйа

уларыт

От ыйа

уларыт
  • От ыйын 19Кытай Дьобуруопа судаарыстыбаларын кытта туох баар урукку дуогабардары дьиҥэ суоҕунан ааҕарын биллэрбит.
  • От ыйын 23 — Абаҕаҕа олорбут Михаил Корниловы - Мээнчэ уолун балыырга түбэһиннэрэн 58 ыстатыйаннан буруйдаан хаайбыттар. Нөҥүө күнүгэр ойоҕо төрдүс оҕотун оҕоломмут. Ону ол диэбэккэ дьахтары Өлүөхүмэ хаайыытыгар укпуттар. Мээнчэ уолун бэйэтин биэс сылга уураахтаан ыраах Соловецкай лааҕырга ыыппыттар. Онтон Финляндияҕа күрээбитэ, онно олорбута.
  • От ыйын 24Николай Рерих Ииндийэҕэ Арҕаа Гималаайга Куллу хочотугар «Урусвати» диэн ааттаммыт институту тэрийбит. Бу иннинэ чинчийээччи, худуоһунньук, бөлүһүөк от ыйын 12 күнүгэр Нью-Йорка Гималайы чинчийэр институту тэрийбитэ. Бу институуттар мэдиссиинэҕэ, зоологияҕа, биохимияҕа, лингвистикаҕа, археологияҕа уонна да элбэх билим хайысхаларыгар баараҕай үлэни ыыппыттара, Рерихтэр мунньубут матырыйаалларын биир тиһиккэ киллэрбиттэрэ. Урусвати диэн санскрит тылыгар "сарсыардааҥы сулус сырдыга" диэн суолталаах. Дириэктэринэн Рерих улахан уола учуонай Юрий Рерих буолбута.

Бэс ыйа

уларыт
  • Бэс ыйын 2 — Саха сирин ВКП(б) обкомун бюрота «Саха омук» уопсастыбаны бобор туһунан уураах ылыммыт. Бобуу төрүөтүнэн уопсастыбаҕа «сэбиэттэри утарар дьон» (антисоветские элементы) киирэллэрэ, оттон салалтатыгар «омугумсук интэлигиэннэр» (националистически настроенная интеллигенция) киирэллэрэ буолбут. Бу дьиҥнээх төрүөтүнэн Павел Ксенофонтов уонна Михаил Артемьев бастаанньалыыр этэрээттэрин утары охсуһуу содула этэ.
  • Бэс ыйын 4Халыма тардыытыгар көмүһү булуу кыттыылааҕа, геолог Юрий Билибин эспэдииссийэтин борохуота билиҥҥи Магадаан уобалаһыгар киирэр Ола диэн балыксыттар бөһүөлэктэрин кытылыгар тиксибит. Дворяннартан төрүттээх. Сталин бириэмийэтин ылбыта (1946). Кини аатынан Чукоткаҕа куорат, Дьокуускайга уонна Магадааҥҥа уулуссалар, үс хайа сиһэ (ол иһигэр биирэ Саха сиригэр), вулкан, билибинит уонна билибинскит таастар ааттаммыттара.
  • Бэс ыйын 4 — Манчжурияны күүскэ сайыннарбыт, кэлин Кытай генералиссимуһа уонна бэрэсидьиэнэ диэн бэйэтин ааттаммыт баһылыгы Чжан Цзолини дьоппуон агеннара өлөрбүттэр (пуойаһын дэлби тэптэрэн).


От ыйа

уларыт

Атырдьах ыйа

уларыт
  • Атырдьах ыйын 11 — "Правда" хаһыакка "О положении в Якутской организации" диэн ВКП(б) Киин кэмитиэтин уурааҕа тахсыбыт, өрөспүүбүлүкэ хомуньуустарын омугумсуйар интэлигиэнсийэни былааска таһааралларыгар буруйдаабыт. Бу уураах уонна ВКП(б) КК "Хомуньуус өрөбөлүүссүйэтэ" (Коммунистическая революция) сурунаалын 1927 сылллааҕы алтыс нүөмэригэр Аршаруни́ (дьиҥнээх араспаанньата Чинарьян) "Омугумсуйуу идеологиятын утары охсуһууга" (В борьбе с националистической идеологией) диэн ааттаах ыстатыйата Саха сирин салайааччыларын уонна суруйааччыларын омугумсуйууга буруйдааһын репрессиялыыр механизма саҕаламмыта.

Балаҕан ыйа

уларыт

Алтынньы

уларыт
  • Алтынньы 1Сэбиэскэй Сойууска бастакы биэс сыллаах былаан (пятилетка) саҕаламмыт. Бу былаан чэрчитинэн элбэх баараҕай бырайыактар олоххо киирэннэр аграрнай дойду индустриальнайга кубулуйбут.
  • Алтынньы 12 — Саха АССР Совнаркома "Дьокуускайга тирии собуотун тутар туһунан" уураах ылыммыт.
  • Алтынньы 12 — Бостоннааҕы оҕо балыыһатыгар аан бастаан "тимир тыҥа" туттуллубут: бэйэлэрэ сатаан тыыммат дьону тыыннарар аппараат. Киһини моонньугар тиийэ тимир капсулаҕа угаллара уонн ол капсула иһигэр салгын баттааһынын уларыталлара. Бу аппараат сүнньүнэн полиомиелитаабыт оҕолорго туттуллар этэ, кэлин полиомиелит суох буолбутун кэннэ туттуллубат буолбута.

Сэтинньи

уларыт
  • Сэтинньи 1Мустафа Кемал Ататүрк тус көҕүлээһининэн туурак тыла арабтыы алпыбыыттан латыынныы алпабыыкка көһөрүн туһунан сокуон ылыллыбыт. Аны биир ыйынан хаһыаттар, сурунааллар, киинэ субтитрдара, реклама, бэлиэлэр бары саҥа алпабыытынан суруллан саҕалыахтаахтара.
  • Сэтинньи 3 — Туурсуйа араап алпабыытыттан латыынныыга көспүт.
  • Сэтинньи 8 — Дьокуускайдааҕы областной кыраайы үөрэтэр музейга хартыына саалата аһыллыбыт. Саалаҕа 106 хартыына уонна эскиз, ол иһигэр 10 Сибиир худуоһунньуктарын киэннэрэ, 69 саха худуоһунньуктарын киэннэрэ уонна 27 Третьяковскай галерея хартыыналара көрдөрүллүбүттэр. Бу билиҥҥитэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай художественнай музейа.
  • Сэтинньи 19 — ЯЦИК президиума "Саха АССР-га киинэ устуу дьыалатын туругун уонна сайдыытын туһунан" уураах ылыммыт. Госкино тэрийэр наадата билиниллибит.
  • Сэтинньи 10Дьоппуон императорынан Хирохито буолбут. Кини Дьоппуон устуоруйатыгар саамай уһуннук, 62 сыл тухары, дойдуну баһылаабыт император. Хирохито кэмигэр Дьоппуон Кытайга саба түһэн өр сэриилэспитэ, Аан дойду иккис сэриитигэр кыттан Азия дойдуларын Европа колонизатордарыттан былдьаабыта, ол эрээри түмүгэр бэйэтэ урусхалламмыта, ол эрээри сэрии кэнниттэн экэниэмикэ балысхан сайдыытын ситиспитэ.

Ахсынньы

уларыт
  • Ахсынньы 7Саха суругун-бичигин кэмитиэтэ саҥа биирдэһиллибит түүр алпаабытыгар киирии туһунан мунньахтаабыт. Бу мунньахха Алтан Сарын оҥорбут бырайыагын көрбүттэр. 21 буукубаны ылыммыттар, 11 буукубаны уонна уһун аһаҕас дорҕооннору хайдах бэлиэтиир туһунан боппуруостары аһаҕас хаалларбыттар.
  • Ахсынньы 13Алтан Сарын "Ааты сахатытар туһунан" ыстатыйата "Кыым" хаһыакка тахсыбыт. Бу "сахалыы ааттаныҥ" диэн устуоруйаҕа бастакы киэҥ ыҥырыы.

Төрөөбүттэр

уларыт
 
Багдарыын Сүлбэ

Сайын

уларыт

Күһүн

уларыт

Өлбүттэр

уларыт
  • Бэс ыйын 11Алексей Торговкин, Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан төрүттээх саха бастакы байыаннай лүөччүгэ, лүөччүк-испытатель (1898 с.т.)
  • Бэс ыйын 18Руаль Амундсен (от ыйын 16, 1872 төр.), Норвегия айанньыта уонна полярнай чинчийээччитэ. Дьону быыһыы сылдьан сураҕа суох сүппүтэ. Хотугу уонна соҕуруу полюстарга иккиэннэригэр сылдьыбыт бастакы киһи.
  • Бэс ыйын 28Иннокентий Сивцев — Мытыйыкы (1870 төр.) — XIX бүтүүтүгэр, XX үйэ саҥатыгар үөскүү сылдьыбыт дэгиттэр талааннаах саха киһитэ. Ордук худуоһунньук, иконописец, таҥара дьиэтин тутааччы быһыытынан биллэр, географияҕа уонна краеведениеҕа сыһыаннаах чинчийиилэрэ сыдьааннарын архыыбыгар харалла сыталлар.

Литература

уларыт
  • Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.