Иһинээҕитигэр көс

Гаас

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гаас (нууч. газ, нидерл. gas диэнтэн) — мөлүөкүлэлэрэ, аатомнара эбэтэр ионнара бэйэ-бэйэлэрин кытта отой мөлтөх ситимнээх бэссэстибэ агрегатнай туруга. Гаас частицалара көҥүл уонна туох да бэрээдэгэ суох хамсыы сылдьаллар.

Саха быһаарыылаах тылдьыта маннык быһаарар: көҥүл тарҕанар, көтө сылдьар чэпчэки бэссэстибэ[1].

Эттик убаҕас эбэтэр кытаанах эрдэҕинэ киниттэн көтөр гааһы үксүн паар диэн ааттыллар.

Оттук буолар айылҕа гааһын (метан уонна да атын углеводород гаастар булкаастара) судургутук эмиэ гаас диэн ааттыллар.

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2