Иһинээҕитигэр көс

Диоклетиан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Гай Авре́лий Вале́рий Диоклетиа́н (лат. Gaius Aurelius Valerius Diocletianus, 244 сыл ахсынньы 22 — 311 сыл ахсынньы 3) — Рим импиэрийэтин 284 сыллаахтан 305 сыллаахха диэри ыраахтааҕыта. Былааска кэлэн баран бэйэтин толору былаастаах импэрээтэринэн биллэрбитэ (ол иннинэ импэрээтэр сенатордартан бастыҥнара принцепс эрэ этэ).

Диоклетиан бэйэтэ Илиҥҥи импиэрийэни салайара, Максимиан диэн байыаннай киһини (атаһын) Арҕаа импиэрийэни салайсарга 286 сыллаахха анаабыта. Салгыы 293 с. бэйэтин уонна Максимиан анныларынан өссө биирдии "цезарь" титуллаах "балыс" ыраахтаҕылары анаан, былааһын түҥэттибитэ (тетрархия). Диоклетиан салайар кэмигэр Рим импиэрийэтэ бөҕөргөөбүтэ, сармааттары, алеманнары кыайталаабыта, Эгиипэккэ былааһы былдьаабыт узурпатордары хам баттаабыта, былыргыттан өстөөҕүн Персияны кытта сэриилэһэн киин куоратын урусхаллаабыта, дойду үрдүнэн нолуоктар бигэ уонна ордук сиэрдээх буолбуттара.

305 сыллаахха ыам ыйын 1 күнүгэр Диоклетиан уонна Максимиан сааһыраннар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн Рим импиэрийэтин ыраахтааҕылара буолан бүппүттэр. Кырдьар сааһыгар төрөөбүт сиригэр Далмацияҕа (билигин Хорватия) оҕуруот үүннэрэн үйэтин моҥообута.