Түтүк тиис
Тас көрүҥэ
Түтүк тиис (лат. Orycteropus afer) диэн Африкаҕа тарҕаммыт кыыл. Түтүк тиистээхтэр кэргэннэрин соҕотох тыыннаах көрүҥэ. Орто кээмэйдээх, хороонньут, түүҥҥү кыыл. Тас көстүүтүнэн кымырдаҕасчыкка майгынныыр эрээри кинилиин аймахтаспат. Түтүк тиис уонна кымырдаҕасчыт иккиэн кымырдаҕастары термиттары сиир кыыллар курдук сайдыыны бараннар тас көстүүлэринэн майгыннаһар буолбуттар (конвергент эволюция). Түтүк тиис Afrotheria клада кыыла буолар. Кини аймахтара сэлиилэр, ламантиннар, даманнар.