Иһинээҕитигэр көс

АЛРОСА

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
АК «АЛРОСА» (ОАО)
Көрүҥэ Уратыта Аhыллыылаах хампаанньа
Тэриллибитэ 1992
Урукку аата Якуталмаз
Штаб-квартира Flag of Арассыыйа: Мирнэй (Арассыыйа); Москуба
Тутаах дьоно Андреев Федор Борисович (бэрэсидьиэн)
Индустрията Алмаас хостооhуна, байытыыта, атыыта, бриллиант чочуйуута
Оҥоһуулара алмаас
Маркет капитализацията 506 млрд. солк (2016 сыл)
Барыhа 217 млрд. солк (2020 сыл, РСБУ)
Бүтүн активтара 519 млрд. солк (2020 сыл)
Бас билээччилэрэ Арассыыйа (34%), Саха Сирэ(25%), үлэлиир сирдэригэр улуустар(8%)
Үлэhиттэрэ 40,000
Хонтуруолланар тэритэлэр АО «Алмазы Анабара», АО «Алроса-Нюрба», АО «Севералмаз», Горнорудное общество «Катока»
Уэбсайта www.alrosa.ru


«АЛРОСА» – Аан дойдуга инники иhэр, саамай элбэх алмааhы хостуур Арассыыйа хампаанньата[1]. Корпорация геологическай чинчийиилэринэн, алмааhы хостооhунунан, байытыынан уонна сырье атыытынан дьарыктанар. Алмааhы хостуур сyрyн оройуон – Саха Сирэ, Архангельскай уобалас уонна Африка.

«АЛРОСА» Арассыыйа алмаастарын 97 бырыhыанын хостуур[2]. Аан дойду алмаастарын хостооhун 27 бырыhыана киниэхэ тиксэр[3]. Хампаанньа бэрэбиэркэлэммит, чинчийиллибит саппаастарынан, аны да, 18-20 сыл алмаас хостуур кыахтаах. «АЛРОСА» барыллааhын саппаастара Аан дойду алмаастарын саппааhын yс гыммыт биирин ылар. Толору аата – «Арассыыйа уонна Саха алмаастарын аhыллыбыт аахсыйалардаах» холбоhуга. Кылгастык – «АЛРОСА». Штаб-кыбартыыралара Москуба куоракка уонна Мииринэйгэ (Саха сирэ) бааллар.


Алмаас хостуур сала, ССРСка, 1954 сыллаахтан ыла олохтоммута. Бастакы кимберлит эттиктээх «Зарница» туруупканы аhыллыы манна олук буолбута. 1955 сыллаахха, «МИР» уонна «Удачнай» туруупкалар булуллубуттара. Бу сылга, 15 алмаас кистэнэ сытар сирдэрэ булуллубуттара. 1957 сыллаахха, уруудалаах уонна бытархай кyндy таастаах сирдэргэ, «Якуталмаз» трест олохтоммута. Бу сылга, бастакы промышленнай алмаастар хостоммуттара. Онтон икки сыл буолаат, ССРС Аан дойду ырыынагар алмаастары атыылаан барбыта. Сyрyн сайдыы, кимберлиттээх «МИР» туруупка сyнньyнэн уонна бытархай таастаах сирдэр тула ыытыллыбыта. Бу кэмнэргэ, сyрyн рудниктар тэриллибиттэрэ, бастакы баабырыкалара тутуллубуттара, энэргиэтикэ салаата балысханнык сайдыбыта. 1960 сыллаахха, «Айхал» кимберлиттээх туруупка, онтон 1969 сыллаахха «Интернациональнай» туруупка аhыллыбыттара. 1963 сыллаахха, ССРС алмаас атыытыгар «Де Бирс»(«De Beers») корпорацияны кытары бастакы хантараактары тyhэрсибитэ. 2008 сыл, ахсынньытыгар «Еврохамыыhыйа» моноппуолуйаны утары сокуонун чэрчитинэн, «АЛРОСА» уонна «Де Бирс» икки ардыларыгар дуогабар тохтотуллубута. 2009 сылтан ыла, «АЛРОСА» алмааhы тус бэйэтэ Аан дойду ырыынагар батарар[4][5].

80-с сылларга, алмаас промышленноhа Айхалга «Юбилейнай» туруупка тула чэчирии сайдыбыта. Удачнайга алмаас кимиилээх тэтиминэн хостонон, «Удачнай» карьер Аан дойду биир саамай улахан карьера буолла.

1992 сыл олунньу 19 кyнyгэр, Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаhалынан, «Якуталмаз» тэрилтэлэрин тyмэн, ««Алмазы России-Саха» аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитэ» диэн №158С уураах тахсыбыта. 1998 сыллаахха, кини «АЛРОСА АХ(Сабыылаах холбоhук) буолбута. Кэлин, 2011 сыллаахха, «АЛРОСА» аhыллыбыт аахсыйалардаах холбоhук буолбута. «АЛРОСА» аахсыйалара пуонда ырыынагар хаарчахтаммакка тахсыбыттара.

2013 сыл, алтынньы 28 кyнyгэр, хампаанньа IPO [6]ыыппытын тyмyгэр, хампаанньа 16 бырыhыаннаах аахсыйалара(сэттэлии бырыhыан аахсыйалар - Арассыыйа Федерацията уонна Саха сирин бырабыытылыстыбата, эбиитин 2 бырыhыан – квазиказначейскай yп докумуона) атыыга бардылар. 60 бырыhыантан ордук аахсыйалары АХШ инвестордара, 24 бырыhыаны – Дьобуруоппа(20 бырыhыаннара – Великобританияттан), 14 бырыhыаны – Арассыыйа инвестордара ыллылар [7]. Иккилии бырыhыаны «Oppenheimer Funds» уонна «Lazard » инвестициялыыр фондалар ыллылар [8]. Уопсайа, «АЛРОСА» IPOтын тyмyгэр, 41,3 миллиард солкуобай киирдэ(1,3 миллиард АХШ доллара). 2013 сыллаахха, хампаанньаттан профильнайа суох актыыптары таhаарар барыл yлэлээн барбыта. 2013 сыллаахха, «Гостиницы АЛРОСА» тэрилтэ, онтон 2014 сыл кулун турар ыйыгар, «АЛРОСА» страховкалыыр хампаанньа атыылара биллэриллибитэ [9][10].

Бас билээччилэрэ уонна салалтата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Алтынньы 13 кyнyн туругунан, хампаанньа аахсыйаларын бас билээччилэрэ:

• Арассыйа Федерацията эбэтэр Росимущество - 43,9 %

• Саха сирин бырабыытылыстыбата – 25 %+ биир аахсыйа

• 8 Саха сирин улуустара – 8,0003%

• Атын юридическэй сирэйдэр – 23 %[11] (Ол иhигэр « Oppenheimer Developping Markets Fund – 2,2 %)[12].

Устааптаах хаппытаал кээмэйэ – 3 682 482 815(yс миллиард алта сyyс а5ыс уон икки млн. тyерт сyyс а5ыс уон икки тыhыынча а5ыс сyyс уон биэс солкуобай) Устааптаах хаппытаал 7.346.965.630(сэттэ миллиард yс сyyс тyерт уон алта млн. то5ус сyyс алта уон биэс тыhыынча алта сyyс отут солкуобай) 50-нуу кэппиэйкэлээх, боростуой анал ааттаах аахсыйаларга yллэриллибит.

Хампаанньа бэрэсидьиэнинэн, 2009 сыл, от ыйын 15 кyнyттэн ыла, экэниэмикэ наукаларыгар кандидат Федор Борисович Андреев yлэлиир[11].

Удачная алмаас үөлэhэ

2013 сыл, бэс ыйын туругунан, JORC кодекс чэрчитинэн, «АЛРОСА» саппаастара 971,7 млн. карат (итинтэн чопчу бигэргэтиллибиттэринэн – 664,8 млн. карат, барылааhынынан – 308,2 млн. карат) буолаллар. Ол эбэтэр, Арассыыйа бу сырьетын саппаастарыттан 97 бырыhыана [13]. Билигин, «АЛРОСА» сyрyнннyyр yлэтэ, Саха сиригэр уонна Архангельскай уобаласка тyмyллэр. «АЛРОСА», барыта, 22 алмаас баайдаах сиргэ yлэлиир. Производство чэрчитинэн, 9 олохтоох кимберлит эттиктээх, 13 бытархай алмаастардаах сирдэр киирэллэр. Олохтоох кимберлит эттиктээх сирдэр карьер уонна шахта ньыматынан хостоноллор. Саха сиригэр 4 хайаны байытар кэмбинээт – Мииринэй, Айхал, Удачнай, Ньурба ХБКлара бааллар.

Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Мииринэй ХБКтыгар икки туруупка – «Интер» уонна «МИР», yс бытархай алмаастаах сир, №3-дээх баабырыка уонна самалык тэрилтэлэр киирэллэр. Билигин алмаас хостооhунугар «МИР» уонна «Интер» рудниктар yлэлииллэр. «МИР» бырайыактаах кyyhэ – быhа холуйан 1 млн. туонна урууда. «Интер» 500 тыhыынча туонна урууданы сир yрдyгэр таhаарар кыахтаах. 2012 сыл тyмyгyнэн, МХБК yрдyнэн алмаас хостооhуна 8,7 млн. карат буолбута.

Айхал хайаны байытар кэмбинээтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

АХБК, 1986 сыллаахха, «Сытыкан» карьер уонна №8-дээх баабырыка олуктарыгар, сыыйа-баайы «Юбилейнай» биир модун кyyhyнэн буолуутугар тирэхтэнэн, тэриллибитэ. Билигин, АХБК производствотын базатыгар yс кимберлит эттиктээх туруупка: «Юбилейнай», «Комсомольскай» уонна «Айхал», икки алмааhы байытар баабырыка уонна технологическэй тыраанспар автобазата киирэллэр. Алмаас хостооhуна «Юбилейнай» уонна «Комсомольскай» карьердарга ыытыллар. «Айхал» туруупка «тымырыгар» сир анныттан алмаас хостуур рудник yлэлиир. Бyгyн, АХБК yрдyнэн сyрyн алмаас хостонор сирэ – «Юбилейнай» карьер. 2012 сыл тyмyгyнэн, алмаас хостооhуна 8,9 млн. карат буолла.

Удачнай хайаны байытар кэмбинээтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэнники сылларга, ХБК Удачнайтан 32 биэрэстэ тэйиччи сытар «Зарница» туруупка карьерыгар, ол эбэтэр ССРСка бастакынан аhыллыбыт алмаастаах сиргэ урууда хостоото. Саамай сyрyн карьер – «Удачнай» туруупката. Бу, алмаастаах сир карьер ньыматынан хостонор. 2016 сылга, «Удачнай» руднигын сир анныттан таhаарар уруудата – 4 млн. туонна буолуохтаах. Уруудалары байытыы №11, №12-дээх баабырыкаларга ыытыллар. Сыллата, №12-дээх баабырыка бырайыактаах таhыма – 11 мел. Алмаас саппааhын уопсай таhыма 2012 сылга 5,8 млн. карат буолбута.

Ньурба хайаны байытар кэмбинээтэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Алмааhы байытар баабырыка Ньурба сиригэр. Накыын уруудалаах сирэ. Саха сирэ. Ньурба ХБКта 2000 сыл, кулун тутар ыйыгар Накыын уруудалаах сирин баhылыыр аналлаах тэриллибитэ. Алмаас, карьер уонна бытархай таастары хостооhун ньыматынан таhаарыллар. Ньурба ХБКтын сэргэ, Накыын уруудалаах сирин баhылааhынынан «АЛРОСА-Ньурба» тэрилтэ дьарыктанар. «АЛРОСА», бу тэрилтэ 87,25 бырыhыаннаах аахсыйатын тутан олорор. «АЛРОСА-Ньурба», «Нюрбинская» уонна «Ботуобиинская» туруупкалары баhылааhын лицензияларын тутан олорор. 2012 сыллаахха, хампаанньа, 7.955,9 тыhыынча караттаах алмааhы, 447,2 млн. АХШ долларыгар хостообута.

Самалык уонна тутулуктаах тэрилтэлэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Самалык тэрилтэ – «Анаабыр алмаастара» 1998 сыллаахха тэриллибитэ. 2007 сылтан ыла, «АЛРОСА» «Анаабыр алмаастарыгар» 100 бырыhыан аахсыйалаах. Бу холбоhук, Саха сирин алта улууhун сиригэр, бытархай кyндy таастаах сирдэргэ yлэлиир уонна чинчийэр. Онно киирэллэр – Анаабыр, Мииринэй, Өлөөн, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Со5уруу Саха сирэ, Дьокуускай. 2013 сыл саас, «Анаабыр алмаастара», «Нижнеленскэй» 100 бырыhыаннаах аахсыйатын тyмпyтэ. «Нижнеленскэй», Илин Сибииргэ(Саха сирэ) «Анаабыр алмаастара» баhылаабыт промышленнай учаастактарын аттыгар алмаас хостооhунунан дьарыктанар. «Нижнеленскэй» саппаастара – 26,4 млн. караттаах сырье буолар. Сырье саппааhа 17 сыл алмаас хостуурга кэскил тосхотор[14]. «Анаабыр алмаастара» Саха сирин тутаах тэрилтэлэрин ахсааннарыгар киирсэр. 2012 сыллаахха, кини хостообут алмааhа 2,4 млн. каратка тиийбитэ. «Севералмаз» тэрилтэ 1992 сыллаахха, Архангельскай уобаласка тэриллибитэ. Кини, М.В.Ломоносов аатынан кyндy таастаах сиргэ yлэлиир. Бу сир саппааhа, Аан дойдуга биир улаханынан биллэр. Манна, 6 кимберлиттээх туруупка, ол эбэтэр 205,157 млн. караты ГКЗ (Судаарыстыба кyндy таастарга хамыыhыйата) бигэргэппитэ. 2005 сылтан, «Севералмаз» карьер ньыматынан, « Архангельскай» туруупка алмааhын хостуур. 2009 сылтан ыла атын туруупка «Карпинскай-1» алмааhы 2015 сылтан ыла хостуохтаах. «Архангельскай» уонна «Карпинскай-1» минералларын саппаастара 2013 сыл, от ыйын 1 кyнyн туругунан JORC кодексатын сиэринэн, 115,5 млн. карат буолар[15]. Маннык саппаас, yлэ хаамыытын 20 сыл хааччыйар кыахтаах. 1 млн. туонна урууданы байытарга аналлаах №1-дээх баабырыка тутуллубута. 2013 сыллаахха, алмааhы байытар иккис баабырыканы тутан yлэлэтэн барбыттара. «Севералмаз», биир сылга, 1-тэн 4-кэ диэри млн. туонна урууда хостонорун хааччыйар кыахтаах[16].

«АЛРОСА» алмаас тосхотор кыахтаах сирдэри тургутар, чинчийэр. Кини актыыбыгар «Верхне-Мунскай», «Солуур-Восточная» бытархай алмаастаах сир, «Заря», «Дальняя», «Майская», «Законтурная делювиальная россыпь», «Пироповый ручей» туруупкалар бааллар. Маны кытта сэргэ, «АЛРОСА» алмаастаах сирдэри тургутар-чинчийэр yлэлэри Ангола уонна Ботствана судаарыстыбаларыгар, кыттыгас тэрилтэ сиэринэн ыытар[17].

Москуба куоракка «Бриллианты АЛРОСА» диэн ааттаах сyрyн производство самалык тэрилтэтэ yлэлиир. Кини хампаанньа тус бэйэтин алмааhы кырыылыыр тэрилтэтинэн буолар. Ырыынак уонна маркетинг салааларыгар утумнаахтык дьарыктанар. 2012 сыллаахха, «Бриллианты АЛРОСА» 160,5 млн. АХШ доллара сыаналаах бриллианнары тосхотто. «АЛРОСА» самалыктарыгар геологическэй-чинчийэр эспэдьииссийэлэр, научнай хабааннаах тэрилтэлэр, тутуу уонна автотыраанспар тэрилтэлэрэ киирэллэр. «АЛРОСА» тимир уруудата «Тимир» хампаанньата 49 бырыhыан аахсыйатын – биир аахсыйатын бас билэр. «Тимир» Нерюнгри оройуонун «Таежнай», «Дес», «Тарыннаах» уонна «Горкит» диэн сирдэрин сыныйан тургуталлар[18][19]. Маны сэргэ, «АЛРОСА», Ангола сиригэр, Киин Африка устун саамай элбэх алмааhын хостуур, «Катока» урууданы хостуур холбоhук 32,8 бырыhыаннаах аахсыйатын бас билэр[20].

Алмааhы батарыы ньымата бриллианынан уонна кyндy таастаах киэргэллэринэн эргинэр хампаанньалары кытары уhун болдьохтоох атыыга тирэнэн ыытыллар. Маннык атыы-тутуу «АЛРОСА» эргиэнин 60 бырыhыанын ылар. Маны таhынан, «АЛРОСА» алмаастаах сырьену конкурс ньыматынан(аукционнар уонна тендердар) ыытар. Маны сэргэ, биир тyhyмэх конкурса суох атыы-тутуу ыытыллар. «АЛРОСА» батарыынан дьарыктанар тэрилтэлэрэ Аан дойду алмааhын кииннэригэр – АХШка, Бельгия, ХАЭ, Кытай, Великобритания, Израиль судаарыстыбаларыгар бааллар.

«АЛРОСА» атыытын-тутуутун бэлиитикитэ Арассыыйа Федеральнай монопуолуйаны утары сулууспа(ФАС) тэрилтэни кытары биир кyдьyс yлэлээх[21][22]. Манна, yлэ, тустаах балаhыанньа чэрчитинэн ыытыллар. Сyрyн ирдэбил – алмаастаах сырьены ылар сиэрдээх усулуобуйа бары атыылаhааччыларга тиксиэхтээх. Атыыга-тутууга, биир ирдэбил, ньыма, бэрээдэк туттуллуохтаахтар[23].

2012 сыллаахха, «АЛРОСА» «Laurelton Diamonds Inc» диэн Бельгия хампаанньатын кытары уhун болдьоххо хантараак тyhэристэ. Бу, Бельгия хампаанньата, «TiffanyEndCo» диэн американскай ювелирнай хампаанньа аатыгар, бриллиант атыылаhар. Yс сыл болдьохтоох тyhэрсиллибит атыы-эргиэн дуогабарын сиэринэн, «TiffaniEndCo» хас сыл ахсын, 60 млн. АХШ долларыгар, алмаас сырьетын атыылаhарга соруктанар[24].

2013 сыл, ыам ыйыгар, «АЛРОСА» уонна «Sothby,s» Туор(Аукцион) Дьиэтэ бииргэ yлэлииргэ меморандум тyhэристилэр. Бу усулуобуйатынан, «АЛРОСА» «Sotheby,s» аукционнарыгар «Бриллианты АЛРОСА» «преимиум» кылаастаах улахан кээмэйдээх бирилийээннэрин уонна ювелирнай киэргэллэри атыылыыр кыахтанна. Атыыга туруоруллар кyндy таастар Америка Геммологическай институтун(GLA) сэртипикээтинэн бигэргэтиини барыахтара[25]. «АЛРОСА» Кимберлийскэй хамсааhын соруктарын уонна ирдэбиллэрин толорорго, Арассыыйа судаарыстыбаннай органнарын кытта, тиhигин быспакка yлэлэhэр[26][27][28].

«АЛРОСА» юридическэй сирэйдэргэ уонна биирдиилээн урбаанньыттарга алмаас сырьетын биэрбэт биричиинэлэрэ манныктар[29][30][31]:

• Кинилэр, Кимберлийскэй yлэ хаамыытыгар, официальнай боломуочуйалаах судаарыстыба гражданина буолбатахтарына;

• Кимберлийскэй yлэ хаамыытын сиэринэн, Аан дойду алмаастары сэртиппикээттээhин бэрээдэгин тутуспат буоллахтарына;

• Аан дойдуга бигэ бэрээдэк курдук ылыныллыбыт, алмаастары, синтетическэй алмаастары, тупсарыллыбыт алмаастары уонна кинилэртэн бородууксуйалары арааран атыылааhын туома кэhиллэр тyгэнигэр;

• Нолуок, таможня уонна да атын сокуон ирдэбилин тутуспат тyгэннэригэр;

• Тэрилтэлэрэ, монкуруут, хаттаан тэриллии уонна эстии усулуобуйатыгар сылдьар тyгэнигэр;

• Тустаах интэриэстээхтэр, бэйэлэрин туhунан, сымыйа информациялары биэрэр буоллахтарына.

2012 сыллаахха, «АЛРОСА» хампаанньа тэрилтэлэрэ, 34,4 млн. карат алмаас хостоотулар [32]. 2012 сылга, «АЛРОСА» алмаас хостооhунун быhаччы сыаната 4 610,7 млн. АХШ доллара буолла [33]. Сыл тyмyгyнэн, «АЛРОСА» алмааhы атыылааhына – 4 450, 1 млн. АХШ доллара, бирилийээни батарыы - 160,6 млн. АХШ доллара буоларын ситистэ. 2013 сыллаахха, алмаас хостооhуна 7 бырыhыан улаатан, 36,9 млн. карат буолла. Алмаас атыыта 38 млн. каратка тиийдэ. 2014 сыл тyмyгyнэн алмаас хостооhуна 36 млн. карат, атыыта – 38 млн. карат(2 млн. карат саппаастарын батарыыны киллэрэн туран) буолла [34].

«АЛРОСА» алмааhы батарыыттан сыл тyмyгyнэн барыыhа 4,0 млрд-тан тахса АХШ доллара буолла. МСФО чааhынан барыыс 2013 сылга 165 млрд. солк. буолара кyyтyллэр [34].

МСФО-нан, 2012 сыл устата, хампаанньа ыраас барыыhа 33,634 млрд. солкуобайга тиийдэ, ол эбэтэр инники сыл барыhын чиэппэр курдугунан куоhарда. Yп киириитэ - 150,880 млрд. солк буолла, ол эбэтэр 2011 сылы кытары холоотоххо 10 бырыhыанынан yрдyк [35][36].

РБСУнан, хампаанньа дохуота 2012 сыл тyмyгyнэн 39. 657 млрд. солк. буолла уонна 34,3% инники сылтан улаатта. Онон, барыыс 10 бырыhыан улаатан 129, 478 млрд солк. буолла [37][38].

Дивиденнэргэ анаан, 8 175,1 миллиард солкуобай туhаайылынна [39].

  1. Виталий Петлевой. «"Алроса" подорожала на 8% к размещению"». // Ведомости, 30.10.2013, № 202 (3464).
  2. «АЛРОСА в ходе IPO привлекла 41,3 млрд рублей». // РИАНовости, 28.10.2013.
  3. «Федор Андреев:" Эта сделка - важный стратегический шаг для "Алроса"». // Rough and Polished, 28.10.2013.
  4. Интервью: Сергей Выборнов, президент АК «АЛРОСА» // Ведомости, № 111 (1885), 20 июня 2007
  5. De Beers отказалась от алмазного сырья «АЛРОСЫ» // Росбалт-Север, 11 января 2009
  6. Article: Alrosa, a Russian Rival to De Beers, enters public trading // The New York Times, 30 october 2013
  7. Статья: Успешное размещение «Алросы» // Ведомости, 31 октября 2013
  8. Статья: «Алроса» разместила 16 % акций на $1,3 млрд // Ведомости, 28 октября 2013
  9. Страховая компания «СК АЛРОСА» - сводная справочная информация
  10. АЛРОСА продаст страховую «дочку». «ПРАЙМ» (25 Кулун тутар 2014). — АК «АЛРОСА» намерена продать принадлежащие ей 99,74% акций ООО «Страховая компания «СК АЛРОСА», соответствующее решение принял совет директоров, говорится в сообщении алмазной компании. Тургутулунна 25 Кулун тутар 2014.
  11. 11,0 11,1 Шувалов сообщил об участии фондов Lazard и Oppenheimer в IPO «Алросы». Vedomosti.ru (28 Алтынньы 2013). Тургутулунна 15 Ахсынньы 2013.
  12. Oppenheimer за год увеличил инвестиции в РФ на 70%, скупая "Яндекс", "НОВАТЭК" и "АЛРОСА" // ИТАР-ТАСС, 30 января 2014
  13. Запасы АЛРОСА по JORC. //РБК, 19.09.2013.
  14. [1] //mfd.ru Халыып:Проверено
  15. [2] //финам.ru Халыып:Проверено
  16. [3] //rough and polished Халыып:Проверено
  17. [4] //РБК Халыып:Проверено
  18. Александра Терентьева. Ведомости, 22.03.2011, № 49 (2815)Алмазы и железо // vedomosti.ru Халыып:Проверено
  19. [5] //РБК daily Халыып:Проверено
  20. [6] //Коммерсантъ Халыып:Проверено
  21. [7] Архыыптаммыт 2012, Алтынньы 27 күнүгэр. //Федеральная антимонопольная служба Халыып:Проверено
  22. [8] //Финмаркет Халыып:Проверено
  23. [9] Архыыптаммыт 2019, Олунньу 14 күнүгэр. //alrosa.ru Халыып:Проверено
  24. [10] //orientexpo.ru Халыып:Проверено
  25. [11] //Коммерсантъ Халыып:Проверено
  26. [12] //SahaNews Халыып:Проверено
  27. [13] //Rough and Polished Халыып:Проверено
  28. [14] //kimberleyprocess.com
  29. [15] //ФинМаркет Халыып:Проверено
  30. [16] //SakhaNews Халыып:Проверено
  31. [17] Архыыптаммыт 2013, Ахсынньы 20 күнүгэр. //alrosa.ru Халыып:Проверено
  32. АЛРОСА узнала себе цену //bfm.ru Халыып:Проверено
  33. Основные показатели результативности.. // alrosa.ru.
  34. 34,0 34,1 АЛРОСА в 2013 году увеличила добычу алмазов на 7%, выручку - на 10% // ИТАР-ТАСС, 30 января 2014
  35. «Алроса» увеличила чистую прибыль в 2012 г. на 26 % //Ведомости Халыып:Проверено
  36. Прибыль «АЛРОСА» по МСФО выросла в 2,3 раза //Вести Финанс Халыып:Проверено
  37. Чистая прибыль «АЛРОСА» по РСБУ в 2012 году выросла на 34,3 % //Финмаркет Халыып:Проверено
  38. Прибыль «АЛРОСА» по РСБУ сократилась на 7 % //Вести Финанс Халыып:Проверено
  39. АК «АЛРОСА» будет направлять на дивиденды не менее 35 % прибыли //ИТАР-ТАСС Халыып:Проверено