1919 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1919 көстө)
Сыллар |
---|
1915 1916 1917 1918 — 1919 — 1920 1921 1922 1923 |
Уоннуу сыллар |
1880-с 1890-с 1900-с — 1910-с — 1920-с 1930-с 1940-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1919 сыл.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Нациялар Лигалара тэриллибит.
Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 2
- Тохсунньу 5 — Кыһыл Аармыйа Вильнюс куораты ылбыт.
- Тохсунньу 5 — Германияҕа Мюнхеҥҥа Ньиэмэс оробуочай баартыйата тэриллибит, кэлин бу баартыйа фашист баартыйата буолбута.
- Тохсунньу 9 — Гражданскай сэриигэ Арассыыйа соҕуруу өттүгэр сэриилэһэр үрүҥнэр Добровольческай аармыйаларын «хара барон» Петр Врангель баһылаабыт.
- Тохсунньу 11 — РСФСР Совнаркома продразверстканы киллэрэр туһунан дэкириэт таһаарбыт.
- Тохсунньу 18 – Аан дойду бастакы сэриитэ: Парижтааҕы эйэлэһэр кэмпириэнсийэ Версальга аһыллыбыт.
- Игнаций Ян Падеревскай саҥа тутулуга суох Польша премьер-миниистирэ буолбут.
- Тохсунньу 21 — Ирландия Өрөспүүбүлүкэтэ тутулга суох буолуутун биллэрбит Ирландия түмэнэ олохтоммут. Тутулуга суох буолуу иһин бастакы кыргыһыылартан биирдэстэрэ буолбут.
- Тохсунньу 22 — Злука Актата баттанан, Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ Уонна Арҕаа Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ холбоммуттар.
- Тохсунньу 24 — Арассыыйаҕа Гражданскай сэрии кэмигэр казактары утары охсуһуу туһунан РКП(б) 1КК Оргбюротун дирэктиибэтэ тахсыбыт. Мантан ыла казаактары социальнай бөлөх быһыытынан суох гынар соруктаах маассабай кыһыл террор саҕаламмыта.
- Тохсунньу 25 — Антанта Наассыйалар Лиигаларын төрүттүүрү бигэргэппит.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бассабыыктар Ф. Лебедев, б.Чижик, П. Кочнев салалталарынан кистэлэҥ хомуньуус тэрилтэтэ үлэтин саҕалаабыт. Соруктара - сэбилэниилээх өрө турууга бойобуой дружиналары бэлэмнээһин. Хаҥас эсердэр эмиэ бу кэмнэргэ террористическэй бөлөх бэлэмнээбиттэр. Манна М. Сабунаев, Е.М. Егасов, Б.С. Геллерт бааллара.
- Олунньу 8 — РСФСР Совнаркомун «Кэми аан дойду систиэмэтинэн ааҕыы туһунан» дэкириэтэ тахсыбыт.
- Олунньу 14 — Сэбиэскэй Арассыыйа уонна Польша Иккис өрөспүүбүлүкэтин ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт. Ленин өрөбөлүүссүйэни Европаҕа тарҕатар былааннаах ньиэмэстэр босхолообут сирдэригэр кимэн киирбитэ, оттон Пилсудскай баһылыктаах поляктар Польшаны урукку кыраныыссаларынан сөргүтэр былааннаахтара. Сэрии 1921 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр Украина уонна Белорусия сирдэрин аҥаардааһынынан түмүктэммитэ.
- Олунньу 17 — Украина Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ Антантаттан уонна АХШ-тан бассабыыктары утары көмө көрдөөбүт.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 2 — Москубаҕа бастакы Хомуньуус Интернационала мустубут.
- Кулун тутар 11 — Саха уобалаһын хамыһаара В. Н. Соловьев Алексей Кулаковскайы Булуҥҥа хамыһаар дуоһунаһыттан устар туһунан ыйаах таһаарбыт.
- Кулун тутар 20 — Арассыыйа Үлэһит-бааһынай бырабыыталыстыбата Башкирия бырабыыталыстыбатын кытта Сэбиэскэй Автономиялаах Башкирия туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттар (Арассыыйа өттүттэн В.И. Ленин, И.В. Сталин уо.д.а. баттаабыттар).
- Кулун тутар 21 — Венгерскай Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ үөскээбит.
- Кулун тутар 23 — Башкортостан тэриллибит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 10 — Миэксикэ өрөбөлүүссүйэтин басхана Эмилиано Сапата Морелос диэн сиргэ тоһуурга түбэһэн өлбүт.
- Муус устар 12 — «Москва-Сортировочная» депо оробуочайдара өрөбүллэригэр 3 паровоһу босхо өрөмүөннээбиттэр. Бу түбэлтэ субуотунньук диэн ааттаах хамсааһыны төрүттээбитэ.
- Муус устар 28 — Нациялар Лигалара тэриллибит.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 4 — Кытайга "Ыам ыйын 4 күнүнээҕи хамсааһын" диэн ааттаммыт дьалхаан саҕаламмыт: Парижтааҕы эйэлээх кэмпириэнсийэ дьоппуоннар ылбыт Кытай сирдэрин төннөрбөтөҕүн утаран ыччат уулуссаҕа тахсыбыт. Бу икки ый кэриҥэ салҕаммыт хамсааһын түмүгэр Кытай улаханнык уларыйбыта, Кытай бырабыыталыстыбата Версаальга түһэрсиллибит эйэ сөбүлэҥин кытта сөбүлэспэтин биллэрэргэ күһэллибитэ, элбэх миниистир үлэтин сүтэрбитэ, Кытайга саҥа идиэйэлэр уонна түөрүйэлэр тарҕаналларыгар олук буолбута: марксизм, социализм, социал-дарвинизм, национализм.
- Ыам ыйын 17 — Сэбиэскэй быраабыыталыстыба сыаркаптар уонна манастыырдар баайдарын-дуолларын национализациялыыр туһунан биллэрбит.
- Ыам ыйын 29 — Күн өлүүтүн кэтээн көрөннөр Альберт Эйнштейн айбыт относительность түөрүйэтин бигэргэппиттэр.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 1 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕа буоларын туһунан телеграмма тутар. Бу мунньах бэс ыйын 30 буолбутугар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
- Бэс ыйын 23 — Балтия ландесвера (ньиэмэстэр өйүүр күүстэрэ) Цесис аттынааҕы кыргыһыыга Эстония тутулуга суох буоларын туруулаһар сэбилэниилээх күүстэргэ кыайтарбыт, чугуйбут; бу күнү Эстонияҕа Кыайыы күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр.
- Бэс ыйын 28 — Версальскай эйэ дуогабара түһэрсиллибит, Бастакы Аан дойду сэриитэ бүтүүтэ.
- Бэс ыйын 30 — Баһылай Никифоров-Күлүмнүүр Омскайга Судаарыстыбаннай экономика мунньаҕар көхтөөх кыттыыны ылар, аара Саха сирин сайдыытыгар, олоҕор-дьаһаҕар элбэх көдьүүстээҕи ситиһэр, үп-харчы аҕалар.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 6 — Британия дирижабла Нью-Йорка түспүт, бу Атлантиканы дирижаблылнан аан бастаан туорааһын этэ.
- От ыйын 18 — Дьокуускайтан Охуоскайынан уонна Камчаатка Петропавловскайын нөҥүө айаннаан Токио куоракка Михаил Винокуров кэргэнинээн тиийбит. Бу ыал бэйэтин кытта Дьокуускайтан дьааһыгынан кинигэ, докумуон, хаартыска илдьибитэ, ол сээкэйдэр кэлин АХШ-ка тиийэн Винокуров коллекциятын олоҕо буолбуттара[1].
- От ыйын 30 — Омскайга Саха уобаластааҕы земство быраабатын бэрэссэдээтэлэ Василий Никифоров - Күлүмнүүр Судаарыстыбаннай экэнэмиичэскэй сүбэ мунньах депутациятын кытары Арассыыйа Үрдүкү Салайааччытын Александр Колчагы көрсүспүт. Бу сырыытыгар Василий Никифоров - Күлүмнүүр Судаарыстыбаннай экэнэмиичэскэй сүбэ мунньахха Саха сирин наадыйыыларын туруорсубут, ходатайстволары түһэртээбит. Ол курдук земство тэрээһиннэригэр 10 мөл. солк. тыырарга, хааһына харчытынан күндү түүлээх тутарга, присяжнайдар сууттарын киллэрэри түргэтэргэ, Амур тимир суолугар диэри почта трагын тутарга.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 14 — Кыһыл аармыйа Омскайы ылбыт. Адмирал Колчак сэриилэрэ үлтүрүтүллүбүттэр.
- Сэтинньи 19 — Сэбиэскэй Арассыыйаҕа Бастакы Аттаах аармыйа төрүттэммит.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 3 — Канаадаҕа 20 сыл тутуллубут, ол иһигэр иккитэ суулла сылдьыбыт Квебек күргэтэ аһыллыбыт. Күргэ уһуна — 987 м, ортоку систэрин арыта — 549 м.
- Ахсынньы 12 — Деникин сэриитин кыһыллар Харьковтан үүрбүттэр.
- Ахсынньы 15 — Түүн Дьокуускай гарнизона уонна өрө турбут оробуочайдар утарылаһыыта суох переворот оҥорбуттар, Колчак былааһа суулларыллыбыт. Хаайыыттан босхоломмуттар: Х.А. Гладунов, Степан Аржаков, Л.Л. Даниш уо.д.а. Хаайыллыбыттар: уобалас сэбиэтин коммиссара В.С. Соловьев, гарнизон салайааччыта Каменскай, куорат кулубата Павел Юшманов, Түрмэ начаалыннньыга Сыроватскай, уобалас быраабатын бэрэссэдээтэлэ Василий Никифоров - Күлүмнүүр, Гавриил Ксенофонтов, атыыһыт Кондаков, уо.д.а. Сарсыарданан былааһы Саха сиринээҕи байыаннай-революционнай штаб ылбыт, Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан Болеслав Геллерт буолбут. Аҕыйах күнүнэн ахсынньы 28-гар Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
- Хаайыыга угуллубут дьону сорохторун суута суох ытан өлөрбүттэрэ: Соловьев, Юшманов, Сыроватскай, эппиһиэрдэр Быков, Каменскай, Климовскай, Сухонин, уруккута полицейскай Вильконецкай, атыыһыт Кондаков уо.д.а. Саҥа былааһы олохтооччулар В.В. Никифоровы, Г.В. Ксенофонтовы, А.Д. Широкиҕы, Р.И. Оросины нэһилиэнньэҕэ аптарытыттара улахана бэрдиттэн тыыппатахтара.
- Ахсынньы 18 — Бүлүү уокуругар Колчак салалталаах былаас сууллан сэбиэскэй былаас олохтоммут. Сарсыныгар ревком буоластар хамыһаардарын анаабыт: Орто Бүлүү уонна Мастаах буолаһын хамыһаарынан Гоголев С.Ф., Үөһээ Бүлүүгэ уонна Үөдүгэйгэ Кардашевскай Р.И., Мархаҕа, Ньурбаҕа уонна Куочайга Михайлов С.К., Сунтаарга уонна Хочоҕо - Михайлов И.Г. анаммыттар[2].
- Ахсынньы 26 — Бу күннэргэ Дьокуускайга былаас уларыйбыт, уобаластааҕы управление, куорат дуумата, полиция управлениета, казаактар хамаандалара, Колчаак милиисийэтэ үрэллибиттэр. Уокуруктааҕы суут уонна борокуруор надзора эмиэ астаапкаҕа ыытыллыбыттар. Кыһыл Аармыйа Дьокуускайдааҕы быстах кэмҥэ Штаабын начаалынньыга Х.А.Гладунов бу күннээҕи № 11 бирикээһинэн Саха уеһын уонна куорат милиисийэлэрин холбообута уонна начаалынньыгынан А.В.Акуловскайы анаабыта.
- Ахсынньы 28
- "Холбос" сойууһун II сийиэһэ аһыллыбыт. Сийиэскэ "Холбос" 1919 сыллааҕы үлэтэ, 1920 сылга смета ырытыллыбыттар. Өлүөхүмэ уонна Бүлүү уездтарыгар отделение арыйарга быһаарбыттар.
- Соторутааҕыта Саха уобалаһын сэриилэрин командующайынан анаммыт Болеслав Геллерт өлөрүллүбүт, кэлин биллибитинэн кинини бэйэтин дьоно кыһыллар өлөрбүттэр эбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Достовалов Семён Васильевич (1919—1944), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Муус устар 13 — Григорян Грант Арамович (1919—1962), композитор.
- От ыйын 3 — Михаил Шкулев-Налимскай (19.06.2007 өлб.) — тойуксут, олоҥхоһут, Абый улууһун устуоруйатын, уран тылын баайын хомуйааччы, чинчийээччи, толорооччу.
- От ыйын 7 — Гурвич Илья Самуилович (1919—1992), история билимин дуоктара, ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата.
- От ыйын 12 — Петр Софронеев (04.07.1978 өлб.) — сахалар устуоруйаларын үөрэтэр чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Атырдьах ыйын 14 — Попов Леонид Андреевич (1919—1990), саха норуодунай бэйиэтэ.
- Балаҕан ыйын 2 — Лонгинов Владимир Дионисьевич (1919—1943), Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- Балаҕан ыйын 20 — Донской Феодосий Семенович — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс, социолог-чинчийээччи.
- Сэтинньи 25 — Сметанин Тимофей Егорович (1919—1947), саха суруйааччыта, прозаик, бэйиэт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- Ахсынньы 26 — Иннокентий Попов — Саха государственнай университетын 1959—1973 сс. ректора.
- Ахсынньы 27 — Антонов Николай Климович (1919—2002), тыл үөрэҕин билимин дуоктара, биллиилээх тюрколог, профессор.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Литература
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Калашников А. А. Якутия. Хроника, факты, события: 1917-1953 г. ч.2. — Дьокуускай: Бичик, 2004.
- ↑ Антонов Егор Петрович, Антонова Венера Николаевна. Якутская эмиграция: особенности адаптации и коммуникации // Научный диалог. — 2019. — № 11. — С. 228-244.Якутская эмиграция: особенности адаптации и коммуникации
- ↑ Ю.И. Васильев-Дьаргыстай Кэрэ кэскил, сырдык дьылҕа иһин охсуһааччы // Умнуллубат киһи / Сивцев В.Т.. — Дьокуускай: ТИД "Кудук", 1997. — С. 59. — 84 с. — ISBN 5-7863-0099-4