Муус устар 13
Тас көрүҥэ
Муус устар 13 диэн Григориан халандаарыгар сыл 103-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 104-c күнэ). Сыл бүтүө 262 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Рок-н-ролл аан дойдутааҕы күнэ[1].
Дойдуларынан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1204 — Төрдүс Кириэстээх бохуот кыттыылаахтара Эгиипэккэ баран иһэр аатыран "таарыйа", Венеция дожун (баһылыгын) кигиитинэн христианнар олорор Константинополь куораттарын халаабыттар. Бу дьон баай Константинополу ылан баран салгыы барбатахтара, куорат олохтоохторо 50 сыл тухары саҥа былааһы утары охсуспуттара.
- 1598 — Франция хоруола Генрих IV гугеноттарга итэҕэллэрин көҥүллээбит. Францияҕа өр сылларга буолбут итэҕэл сэриилэрэ тохтообуттар.
- 1605 — Борис Годунов өлөр, кини оннугар уола Федор ыраахтааҕы буолар.
- 1829 — Англия түмэнэ (парламена) эманиспация туһунан аактаны ылыммыт. Католиктарга көҥүл бэриллибит.
- 1859 — Манчаары Баһылайы Дьокуускайга куорат суолун оҥоһуутугар үлэлэтэ таһаарбыттар. Сотору кэминэн Марха улууһугар көскө ыыталлар.
- 1887 — Маалай тыйаатырга «Ойуур оҕолоро» диэн аан дойдуга бастакы сыгаан опереттата туруоруллубут.
- 1904 — Порт-Артур аттыгар «Петропавловскай» броненосец дэлби тэбиитигэр аатырбыт худуоһунньук Василий Верещагин уонна вице-адмирал Степан Макаров өлбүттэр.
- 1918 — Екатеринодары ылыы кэмигэр генерал Лавр Корнилов өлбүт.
- 1922 — Каландаришвилины кытта тоһуурга (кулун тутар 6 күнүгэр) түбэһэн өлбүттэр испииһэктэрэ бэчээттэммит.
- 1932 — ССРС Норуот хамыһаардарын сэбиэтэ (Совнарком) «Байкал-Амур тимир суолун тутуутун туһунан» уураах таһаарбыт.
- 1941 — ССРС уонна Япония саба түспэт туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттар.
- 1943 — Берлин араадьыйата Смоленскай анныгар Катынь ойууругар ытыллыбыт Польша эпиһиэрдэрин сэмнэхтэрин булбуттарын туһунан биллэрбит. НКВД уорганнара 1940 сыл сааһыгар ытыалаабыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр. Сэбиэскэй Сойуус бу дьайыыны билиммэтэҕэ, кэлин Арассыыйа бырабыыталыстыбата маны бигэргэтэр архыыптары аан дойду болҕомтотугар таһаарбыта. Онтон биллибитинэн 1939 сыллаахха билиэн түбэспит Польша гражданнарыттан "лааҕыры босхолуур эпэрээһийэ иһинэн" 21 857 киһи ытыллыбыт, ол дьонтон 4 421 киһитэ — Катынь ойууругар.
- 1944 — 51-с аармыйа Симферополь куораты ньиэмэстэртэн босхолообут.
- 1945 — 2-с уонна 3-с Украинскай фроннар уонна Болгария сэриилэрэ Вена куораты ылбыттар.
- 1958 — АХШ пианиһа Ван Клиберн Москубаҕа буолбут Чайковскай аатынан бастакы күрэскэ гран-прины ылбыт.
- 1964 — артыыс Сидни Пуатье бастыҥ эр киһи оруолун иһин Оскар бириэмийэтин ылбыт бастакы хара тириилээх американец буолбут.
- 1985 — Михаил Горбачев партия пленумугар «перестройканы» биллэрэр.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1919 — Грант Григорян, композитор, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1929 — Екатерина Новгородова — Социалистическай Үлэ Геройа.
- 1945 — Николай Винокуров (Урсун) — бэйиэт, литэрэтиирэни ырытааччы, тылбаасчыт.
- 1955 — Ирина Хакамада — экономист, бэлиитик, суруналыыс, публицист. Аҕата — дьоппуон хомуньууһа, сэрии кэмигэр билиэннэй быһыытынан сэбиэскэй хаайыыга олорбут, сэрии кэнниттэн Хабаровскайга олорбут, нуучча тылын үөрэппит дьахтары ойох ылбыт.
- 1963 — Гарри Каспаров — саахыматчыт уонна бэлиитик. Саахымакка аан дойду 13-с чөмпүйүөнэ. Азербайджаҥҥа төрөөбүт, 12 саастааҕар аҕатын Вайнштейн диэн араспаанньатын ийэтин араспаанньатыгар уларыттарбыттар.
- 1979 — Саргылана Ноева, Саха АССР Чурапчы оройуонун Туора Күөл нэһилиэгэр — саха суруйааччыларын айымньыларын сүдьүөттэригэр кэми чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 814 — Крум, болгаардар хааннара (802 сылтан), Византияны төгүрүктээн олорон эмискэ өлбүт. Аваардар каганааттарын үлтүрүппүт, Византияны кытта ситиһиилээхтик сэриилэспит киһи.
- 1605 — ыраахтааҕы Борис Годунов, кини оннугар уола Федор ыраахтааҕы буолар.
- 1918 — Лавр Корнилов (1870 төр.), генерал, Үрүҥ хамсааһын салайааччыларыттан биирдэстэрэ. Кини хамаандалыыр сэриитэ Екатеринодары (билигин Краснодары) төгүрүктээн олордоҕуна штаабыгар снаряд түспүт. Эдэригэр Генштаб академиятын бүтэрэн баран Кашгарияҕа, Афганистааҥҥа, Персияҕа айаннаабыта, элбэх сибидиэнньэни хомуйбута, каарталары оҥорбута. Уонча омук тылын билэрэ.
|
- ↑ «С днём рождения, Рок-н-ролл»// ТВ Парк. — 2004. — № 30. — С. 56-59.
- ↑ Тайский Новый год — Сонгкран — 13 апреля. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010