Иһинээҕитигэр көс

Мохсоҕол

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мохсоҕол

Мохсоҕол (нуучч. сокол-сапсан лат. Falco peregrinus) — тыҥырахтаах көтөр. Саха Сирин барытыгар (Хотугу муустаах байҕал арыыларыгар тиийэ) үөскүүр. Сэдэхтик көстөр, ахсаана улам аҕыйаан иһэр, ДДТ дьааты туттуу кэнниттэн аҕыйаабыта дииллэр.

Сүнньүнэн көтөрдөрүнэн аһылыктанар. Бултууругар көтөн иһэр сиэртибэтигэр 300 км/ч түргэннээхтик көтөн түһэн тыҥыраҕынан сиирэ-халты саайар үгэстээх.

ССРС, РСФСР, РФ, Саха АССР Кыһыл кинигэлэригэр II категорияҕа киирэр.

Ыытар кыырт, тэбэр мохсоҕол

Туһаныллыбыт сирдэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Б. И. Сидоров. «Знаете ли вы птиц Якутии». — Дьокуускай: Бичик, 1999. — ISBN 5-7696-0956-7