Олунньу 15
Тас көрүҥэ
Олунньу 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 46-с күнэ. Сыл бүтүө 319 күн (ордук хонуктаах сылга 320 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Рак ыарыылаах оҕолор аан дойдутааҕы күннэрэ. 2001 сыллаахтан Рак ыарыылаах оҕолор төрөппүттэрин конфедерацията (ICCCPO) көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр. Сыл ахсын аан дойдуга 200 тыһыынча оҕо ыалдьар, ол эрээри сөпкө уонна кэмигэр эмтээтэххэ ыарыһах 90% (ыарыы сорох көрүҥнэригэр 100%) эмтиэххэ сөп
- Сулумах дьон күннэрэ (бу иннинээҕи Тапталлаахтар күннэрин ситэрэр күн). Бу күн аҥардас (кэргэнэ, тапталлааҕа суох) дьон бэйэ-бэйэлэрин өйүүллэр.
- Арассыыйа, Беларусь — Интернационалист буойуттар кэриэстэбиллэрин күнэ
- Афганистаан — Босхолонуу күнэ
- Вануату — Джон Фрум күнэ
- Канаада — Былаах күнэ
- Сингапур — Муҥутуур (толору) көмүскэнии күнэ. 1984 сыллаахха Швеция уонна Швейцария көмүскэнэр тосхоллорун үтүктэн ылыныллыбыт дойдуну көмүскүүр тосхол (стратегия) күнэ. 1942 сыллаахха Сингапуурга Япония былаастара капитуляциялаабыт күннэригэр бэлиэтэнэр.
- Сербия — Наассыйа күнэ (Сербтэр бастакы бастаанньаларын күнэ)
- Украина — Тас дойдулар сирдэригэр-уоттарыгар сэриилэспит дьону чиэстиир күн
- Филадельфия (АХШ) — ЭНИАК (ENIAC) күнэ. Пенсильвания университетыгар 1946 сыллаахха бу күн бастакы көмпүүтэри "баараҕай мэйии" диэн ааттаан көрдөрбүттэр
- Флорида (АХШ) — Сьюзан Б. Энтони күнэ. Сьюзен Энтони (1820 — 1906) төрөөбүт күнүгэр дьахтар быыбарга кыттар быраабын кэрэһилээн бэлиэтииллэр, Флорида штаакка бу күн өрүүллэр, Калифорнияҕа оскуолаларга үөрэх буолбат, уопсастыбанай үлэнэн дьарыктаналлар, атын штааттарга араас тэрээһиннэри ыыталлар
- Буддизм — Паринирвана (сорохтор олунньу 8 күнүгэр бэлиэтииллэр), бу күн Будда толору нирваанаҕа киирбит, этиттэн-сииниттэн арахсыбыт, ол аата өлбүт
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 590 — Хосров II Пиэрсийэ ыраахтааҕыта буолбут
- 706 — Византия импэрээтэрэ Юстиниан II кини иннигэр бөрүстүөлгэ олорбут Леонтий уонна Тиверий III ыраахтааҕылары Константинополь ипподромугар өлөртөрбүт.
- 1493 — «Нинья» хараабылынан дьиэтигэр төннөн иһэн Христофор Колумб Америка туһунан аһаҕас сурук суруйбут. Бу суругун Португалияҕа тиийээт Испания хоруолугар ыыппыт, онтон сурук латыын тылыгар тылбаастанан бэчээттэммит уонна Европаны барытын тилийэ көппүт.
- 1895 — Москубаҕа Гнесиннэр диэн эдьиийдии-балыстыылар көҕүлээһиннэринэн Арассыыйаҕа бастакы оҕо музыкальнай оскуолата аһыллыбыт. Билигин — Гнесиннэр ааттарынан музыкальнай училище.
- 1899 — Ол саҕана Арассыыйа импиэрийэтин састаабыгар киирэр киэҥ автономиялаах Финляндияҕа Импиэрийэ сокуоннара Финляндия сокуоннарын баһыйыахтаахтарын туһунан импэрээтэр манифеһа тахсыбыт. Финляндияны нууччатытыы бэлиитикэтэ саҕаламмыт. Бэлиитикэни фиинн норуотун өс номоҕор хаалбыт генерал Николай Бобриков ыыппыта.
- 1918 — Дьокуускайга идэлээх сойуустар кэмпириэнсийэлэригэр уобаластааҕы Оробуочай дьокутааттар сэбиэттэрэ тэриллибит. Бу большевиктары өйүүр, Уобаластааҕы Сэбиэти утарар уорган этэ. Сотору кэминэн РСФСР Совнаркома бу Сэбиэти Саха сиригэр үрдүкү былаас уорганынан биллэрбит.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Сингапур сууллубут. 85 000 киһилээх Британия аармыйата 36 000 киһилээх Дьоппуон аармыйатыгар бэриммит уонна улахан стратегическэй суолталаах куораты Сингапуру туран биэрбит.
- 1945 — Үөһээ Дьааҥы улууһун хомсомуоллара Николай Неустроев (хапытаан), Александр Афанасьев (политрук), Н.Баишев, П.Климовскай, Н.Слепцов, Г.Обутов, И.Слепцов Дьокуускайга тиийэр сыаллаах хайыһарынан туруммуттар. Сарсыарда 10 чааска араҕалларыгар -47° кыраадыс эбит. Төһө да тымныы күн-дьыл турдар кинилэр 2254 км барыахтаахтара. Сындалҕаннаах айан түмүгэр 14 хонугунан хамаанда этэҥҥэ Дьокуускайы булбута.
- 1947 — «ССРС гражданнара уонна атын дойду дьоно ыал буолууларын бобуу туһунан» ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕа тахсыбыт. Бу ыйаах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр элбэх эр киһи өлбүтүн иһин таһаарыллыбыт. Атын дойду дьонун кытта көссүүлэспит да дьахталлар норуот өстөөхтөрүн курдук буолбуттара, хаайыыга ыытыллаллара.
- 1989 — Сэбиэскэй Сойуус сэбилэниилээх күүстэрин Афганистантан тахсыыта түмүктэммит, 9 сыллаах Афган сэриитэ бүппүт. Сэриигэ 15 000 кэриҥэ сэбиэскэй саллаат, 1 мөлүйүөн кэриҥэ Афганистан олохтооҕо өлбүт, ону кытары 5 мөлүйүөн кэриҥэ афганец төрөөбүт сириттэн-уотуттан күрүүргэ күһэллибит.
- 2001 — Nature сурунаалга бастакытын киһи толору генома бэчээттэммит.
- 2003 — Ираак сэриитин утары бырачыастар аан дойду 600-тэн тахса куоратыгар буолбуттар. Бырачыастарга 8-30 мөлүйүөн киһи кыттыбыт диэн сабаҕалыыллар, онон бу демонстрация аан дойду устуоруйатыгар саамай улаханынан ааҕыллар.
- 2013 — Челябинскай таһыгар элбэх киһи көрөн турдаҕына метеорит түспүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1564 — Галилео Галилей — аатырбыт Италия физигэ, математига, астронома уонна бөлүһүөгэ. Үөрэх өрөбөлүүссүйэтигэр сүрүн оруолу оонньообут киhи.
- 1796 — Петр Анжу — Арассыыйа флотун адмирала, Арктиканы чинчийээччи. Саҥа Сибиир арыыларын хотугу бөлөҕө кини аатынан ааттаммыта.
- 1917 — Семен Васильев — «Кыым» хаһыат үлэһитэ, оройуон баһылыга, онтон кэлин экскаваторщик. Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Бүлүү улууһун ытык киһитэ. Кини аата Бүлүү улууһун Чернышевскай (Чинэкэ) орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ (2006).
- 1906 — Муса Джалиль — татаар бэйиэтэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа.
- 1926 — Михаил Тарабукин — биллиилээх сылгыһыт, Уус-Алдан улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин Ытык олохтооҕо, Аҕа дойду улуу сэриитин кытыылааҕа.
- 1927 — Григорий Торотоев — учуутал, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Учууталларын Учуутала, Арассыыйа норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Бүлүү улууһун уонна Дьөккөн нэһилиэгин Ытык Киһитэ.
- 1928 — Михаил Алексеев — болуотунньук, «Якутстрой» биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1966), Ленин уордьанын кавалера (1966), Дьокуускай куоратын ытык киһитэ (1972).
- 1930 — Анастасия Копырина — аатырбыт ыанньыксыт, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Ленин уордьанын икки төгүллээх кавалера, Уус-Алдан улууһун Ытык киһитэ.
- 1930 — Евдокия Тимофеева — норуот эмчитэ.
- 1945 — Василий Атласов — Дьокуускайга баар «Ытык Хайа» этно-уһаайба тэрийээччитэ, саха сиэрин-туомун тарҕатааччы, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1947 — Данил Бурцев — норуот эпоһын кыһалҕаларын уонна түүр тыллаах Сибиир омуктарын арамааннарын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1857 — Михаил Глинка (1804 төр.), нуучча композитора. "Иккиэн саҥа нуучча тылын айбыттара — биирэ поэзияҕа, иккиһэ муусукаҕа" - диэн кириитик Владимир Стасов Пушкины уонна кинини эппиттээх.
|