1947 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1943 1944 1945 1946 — 1947 — 1948 1949 1950 1951 |
Уоннуу сыллар |
1910-с 1920-с 1930-с — 1940-с — 1950-с 1960-с 1970-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1947 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 2 — Сахалин уобалаһа тэриллибит. Саҥа уобалас сорҕото дьоппуоннартан төннөрүллүбүтэ, онтон сорҕото Хабаровскай кыраайтан таһаарыллыбыта.
- Тохсунньу 31 — Ленинградка 2-с Бүтүн Сойуустааҕы география сийиэһигэр Окладников А. П. «Приосхождение якутской народности» диэн дакылааты аахпыт.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 10 — Аан дойду иккис сэриитигэр хотторбут Италия, Румыния, Венгрия, Болгария, Финляндия биир өттүттэн уонна кыайыылаах тахсыбыт сойуустаахтар -иккис өттүттэн -Парижтааҕы эйэ сөбүлэҥнэригэр илии баттаабыттар. Бу сөбүлэҥнэринэн хотторбут дойдулар тутулуга суох буолаллара уонна Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэригэр киирэллэрэ бигэргэтиллибит, элбэх репарация төлөөбүттэр.
- Олунньу 12 — Приморскай кыраайга Сихотэ-Алинь хайаларыгар улахан метеорит түспүт. 60-100 тонналаах тимир метеорит сиргэ тиийиэн иннинэ салгыҥҥа бытарыйбыт.
- Олунньу 15 — «ССРС гражданнара уонна атын дойду дьоно ыал буолууларын бобуу туһунан» ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн ыйааҕа тахсыбыт. Бу ыйаах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр элбэх эр киһи өлбүтүн иһин таһаарыллыбыт. Атын дойду дьонун кытта көссүүлэспит да дьахталлар норуот өстөөхтөрүн курдук буолбуттара, хаайыыга ыытыллаллара.
- Олунньу 25 — сэбиэскэй НКВД Венгрияҕа Бела Ковач диэн дьоҕус сири баһылааччылар тутулуга суох баартыйаларын генеральнай сэкиритээрин тутан дойду парламена утарбытын үрдүнэн ССРС-ка депортациялаабыт. Бу тутуу Венгрияҕа былаас уларыйыытын сүрүн түгэнэ этэ.
- Олунньу 28 — Тайваҥҥа Гоминьдан былааһын утары өрө туруу саҕаламмыт. Өрө турууну аармыйа элбэх хааны тоҕон хам баттаабыта.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1947 — Москубаҕа Эдэр суруйааччылар бастакы бүтүн Сойуустааҕы мунньахтара аһыллыбыт. Түмүктүүр мунньах кулун тутар 10 күнүгэр буолбут. Бу мунньахха саха бэйиэтэ Леонид Попов кыттыбыта, онно сылдьан билсибит тылбаасчыттара кэлин кини саха бэйиэттэриттэн саамай элбэхтик тылбаастанар буолуутугар көмөлөспүттэрэ[1].
- Кулун тутар 12 — Уота суох сэрии: АХШ бэрэсидьиэнэ Гарри Трумэн Кэҥгириэс мунньаҕар тыл эппит, ССРС дьайыытыгар киирбэттэрин туһугар Грецияны уонна Туурсуйаны үбүнэн өйүүргэ ыҥырбыт.
- Кулун тутар 29 — Мадагаскаарга французтары утары өрө туруу саҕаламмыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 19 — «Ииндийэ национальнай кэҥгириэһэ» Ииндийэни икки дойдуга араарарга сөбүлэҥин биэрбит: Ииндийэ уонна Пакистаан.
- Муус устар 28 — Билимнэр Академияларын Саха Сиринээҕи чинчийэр базата тэриллибит.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 22 — Тымныы сэрии: Туурсуйаҕа уонна Грецияҕа көмөлөһөр туһунан Трумэн доктрината олоххо киирбит.
- Ыам ыйын 29 — Ииндийэҕэ «тыытыллыбаттар» каасталарын боппуттар.
- Ыам ыйын 29 — Саха театрыгар Жирков М. Н. уонна Г. Литинскэй суруйбут "Сир симэҕэ" («Полевой цветок») диэн саха маҥнайгы балета туруоруллубут. Сүрүн баартыйаны Иннокентий Христофоров толорбут.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 5 — АХШ Госсэкирэтээрэ (тас дойдулары кытары сыһыан миниистирэ) Джордж Маршалл сэриигэ эмсэҕэлээбит Европа дойдуларыгар экономическэй көмө оҥорорго ыҥырбыт. Бу "Маршалл былаана" диэн ааттаммыт көмө Тымныы сэрии кэмигэр Европаҕа коммунизм тарҕамматын туһугар оҥоһуллубута.
- Бэс ыйын 7 — Дьугдьуурлаг тэриллибит. Салалтата Дьокуускайга эбит. Бастаан САССР ИТЛ салалтатыгар бас бэринэр эбит, онтон ГУЛаг тиһилигэр киирбит.
- Бэс ыйын 19 — Верхоянскай куорат суруксутун уола устуорук учуонай Афанасий Новгородов Тыл, литератуура уонна устуоруйа институутун дириэктэрэ буолбут.
- Бэс ыйын 26 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиума «Саха сирин норуодунай артыыһа» диэн ытык ааты олохтообут.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- От ыйын 11 — Алдан уокуруга ликвидацияламмыт.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Атырдьах ыйын 15 — Ииндийэ уонна Пакистан тутулуга суох буолбуттар. 190 сыл устата Улуу Британия баһылаабыт Ииндийэтин дьон итэҕэлинэн көрөн икки судаарыстыбаҕа араарбыттара. Арахсыы кэнниттэн саҥа судаарыстыбалар икки ардыларыгар улахан миграциялар саҕаламмыттара.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 14 — Америка летчига Чак Йегер бастакынан тыас түргэнин куоһарбыт.
- Алтынньы 27 — Садын оройуона ликвидацияламмыт. Садын уонна Чуона нэһилиэктэр Сунтаар оройуонугар киирбиттэр, онтон Ботуобуйа нэһилиэгэ — Ленскэй оройуоҥҥа.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 16 — Тамара Андреева — эбэҥки омугун тылын, фольклорун, култууратын үөрэтэр чинчийээччи.
- Тохсунньу 18 — Такэси Китано — Дьоппуон киинэ режиссёра, артыыһа, сценариһа, суруйааччыта.
- Тохсунньу 20 — Бурнашев Роберт Андреевич, экономист, политика уонна ил диэйэтэлэ.
- Тохсунньу 25 — Николай Устинов — саха мелодииһа.
- Тохсунньу 26 — Раиса Коробцова — Саха Сирин сэбиэскэй кэминээҕи, Саха Сирин партийнай тэрилтэтин устуоруйатын чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- Олунньу 15 — Данил Бурцев — норуот эпоһын кыһалҕаларын уонна түүр тыллаах Сибиир омуктарын арамааннарын чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.
- Кулун тутар 20 — Бронтой Бедюров, алтаай бэйиэтэ, востоковед-тюрколог.
- Муус устар 6 — Карпов Вячеслав Павлович — саха биллииллээх тустууга, успуорт үлэтин тэрийээччи, Дмитрий Коркин аатынан Государственнай бириэмиэйэ лауреата, Чурапчы улууһун ытык киһитэ.
- Ыам ыйын 7 — эбээн тылын учуобунньуктарын ааптара СӨ үтүөлээх учуутала Александра Кейметинова төрөөбүт. Суруйбут кинигэлэрин Магадаан, Камчаатка, Хабаровскай кыраай уонна Чукотка оскуолаларыгар туһаналлар.
- Бэс ыйын 8 — Горева Людмила Тимофеевна, Саха сирин Үрдүкү Суутун бэрэссэдээтэлэ.
- Бэс ыйын 5 — Үөһээ Бүлүү Далырыгар Владимир Ксенофонтов — композитор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- От ыйын 5 — Ксенофонтов Владимир Васильевич, композитор.
- От ыйын 17 — Винокурова Ульяна Алексеевна, Саха Сирин биллэр общественнай диэйэтэлэ.
- Атырдьах ыйын 18 — Новиков Аркадий Михайлович, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьаҥхаады нэһилиэгин Бөдьөлөк сэлиэнньэтигэр (2015 с. өлб.) — көрдөөх артыыс, режиссер, СӨ үтүөлээх үлэһитэ.
- Атырдьах ыйын 31 — Овчинников Степан Степанович (1947—1993) — «Кыым» хаһыат Саха сирин арҕаа өттүгэр собкора.
- Сэтинньи 10 — Трапезникова Наталья Спиридоновна, биллиилээх ырыаһыт.
- Сэтинньи 12 — Егор Шишигин — биллиилээх учуонай, кыраайы үөрэтээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата, 1976-1992 сылларга уонна 2003 сылтан ыла Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ.
- Ахсынньы 5 — Томскай Григорий Васильевич, профессор, дипломат, суруйааччы.
- Ахсынньы 5 — Христофорова Наталья Иннокентьевна, саха балерината.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 25 — Аль Капоне (1899 төр.), АХШ аатырбыт гангстера.
- Атырдьах ыйын 4 — Сметанин Тимофей Егорович, саха суруйааччыта, поэта.
- Алтынньы 10 — Клавдия Кирсанова (1887 с.т.) — Саха сиригэр Павловскайга уонна Дьокуускайга көскө олоро сылдьыбыт өрөбөлүссүйэниэр дьахтар, аан дойдуга хомуньуус хамсааһынын биллиилээх диэйэтэлэ. Емельян Ярославскай иккис кэргэнэ.
- Сэтинньи 30 — Неустроева Анна Денисовна, оҕо суруйааччыта, сахаттан бастакы дьахтар суруйааччы.
- ↑ Харлампьева Н.И. Семен Данилов. — 2-е изд., испр.. — М.: Молодая гвардия, 2021. — С. 32. — 285 с. — (Жизнь замечательных людей). — 1000 экз. — ISBN 978-5-236-04489-0